Саха сиригэр «РНГ» АУо көмөтүнэн ыытыллар педагогтар күрэхтэрэ саҕаланна
Сайаапкалары хомуйуу кулун тутар 5 күнүттэн ыытыллыаҕа. 100 бастыҥтан бастыҥ педагог сүүстүү тыһыынча бириэмийэ тутуохтара. Санатан эттэххэ, ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын кытары бииргэ үлэлииргэ дуогабардаспыттара, итиэннэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллар тэрээһиҥҥэ харчынан көмөлөһөргө сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ.