«РНГ» АУо Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт педагогтар күрэхтэрин генеральнай спонсора уонна көҕүлээччитэ буолар. Ааспыт сыл ахсынньытыгар хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондатын кытары бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэҥ түһэрсибитэ уонна кыайыылаахтарга харчынан бириэмийэ төлөнөрүгэр үбүлээһини көрбүтэ.
Куонкурус сүрүн түһүмэҕэ саас ыытыллыбыта, ол эрэн учууталларга саамай ноҕоруускалаах кэм буолан кыайыылаахтары эҕэрдэлиир тэрээһини көһөрөн, күһүн, аан дойду учууталларын күнүн көрсө ыытылларыгар быһаарыы ылыныллыбыта. Куонкуруска кыттыыга 305 сайаапка киирбитэ. Кыттааччыларынан орто уонна анал үөрэхтээһин эйгэтигэр үлэлээбиттэрэ 5 сылтан кырата суох ыстаастаах, республикаҕа үөрэхтээһин сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит учууталлар, тренердар буолаллар. Куонкурус түмүгэ муус устар ый ортотугар тахсыбыта: 100 идэтигэр бэриниилээх бастыҥ учуутал 100 тыһыынча бириэмийэ ылбыттара. Кыайыылаахтарга дипломнары тэрийээччилэр уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа миниистирэ Ирина Любимова туттарбыттара.
«Куонкурус үрдүк таһымҥа ыытыллан, региоҥҥа олус элбэх идэлэригэр бэриниилээх үлэһит баарын көрдөрдө. Маннык күрэхтэр киэҥ сэҥээриини эрэ буолбакка, учууталларга, инники өттүгэр, үлэлэригэр улахан туһалаах буолуоҕа. «РНГ» АУо-ҕа көмөҕүт иһин махтанабыт уонна өссө да бииргэ үлэлиэхпит диэн эрэнэбит», – бу курдук бэйэтин баҕа санаатын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа миниистирэ Ирина Любимова эттэ.
«Биһиги көрүүбүтүнэн кыайыылаахтары наҕараадалааһын Аан дойдутааҕы учуутал күнүн көрсө ыытыллара олус үчүгэй. Учуутал талааныттан, кини кыаҕыттан, киэҥ билиититтэн үүнэр көлүөнэ сайдыыта, билиитэ, дойду кэскилин түстүүр анала быһаччы тутулуктаахтар. «РНГ» АУо региоҥҥа үөрэхтээһин хайысхатыгар ыытар үлэтин өссө да салҕыа, сэмэй кылаатын киллэрэ туруо», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.
Маны сэргэ хампаанньа исписэлиистэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр XIV төгүлүн ыытыллар учууталлар уонна педагогическэй общественность сийиэһигэр кыттыыны ылыахтара. Тэрээһин Дьокуускайга алтынньы бастакы декадатыгар ыытыллыаҕа.