«РНГ» АУо Таас-Үрэх оскуолатыгар көмөлөстө
Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Р.В Лонкунов аатынан 9 №-дээх Таас Үрэхтээҕи орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын кылаабынай кирилиэһин өрөмүөннүүргэ харчынан көмөлөстө.
Өрөмүөн үлэтигэр үктэллэрин уларыттылар уонна халтарыйбат бүрүөһүнү саҥартылар.