Перейти к основному содержанию

Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор баайдаах сир Илин блога

 

Орто Ботуобуйатааҕы НГКМ Саха Сирин Мииринэй оройуонугар баар. Мииринэйтэн соҕуруулуу-арҕаа хайысханан 130 килэмиэтир тэйиччи, онтон Ленскэйтэн хотугулуу-арҕаа хайысханан 140 килэмиэтир тэйиччи сытар.

Хостоммут ниэп «Илин Сибиир  – Тиихэй океан» (ВСТО) турбатын систиэмэтигэр тиэрдиллэр.

«РНГ» АУо  сир баайын хостуурга анаммыт ЯКУ 04493 НЭ  нүөмэрдээх көҥүл лицензиятын  03.09.2015 сыллаахтан туһанар. Бу лицензия Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор сирдэрин Илин Блогар  сиртэн хостонор оттуктары (углеводородное сырье)  хостооһуҥҥа уонна чинчийиигэ туһаныллар.

Лицензия бүтэр болдьоҕо —  31.12.2117 с. Лицензионнай учаастак иэнэ — 385,5 км2.

 

ОРТО БОТУОБУЙАТААҔЫ  НИЭП, ГАЗ, ГАЗ КОНДЕНСАТА ХОСТОНОР  УЧААСТАКТАРА

УчаастакСир баайын туһанааччы
Орто Ботуобуйатааҕы НГКМ киин блога«Таас-Юрях Нефтегазодобыча» ХЭТ(ПАО «НК «РОСНЕФТЬ»)
Орто Ботуобуйатааҕы НГКМ хоту блога«АЛРОСА-Газ» ААО (АЛРОСА АХ)
Орто Ботуобуйатааҕы  НГКМ илин блога«РНГ» АУо

 

Со5уруулуу-ар5аа хайысханан 85 килэмиэтир тэйиччи Чайыҥдатаа5ы сиртэн хостонор баайдаах сир турар.  “Сибиир күүһэ” гаас турбата — Кытайга гааһы тиэрдэр уонна гаас хостооһунун Саха Сиринээҕи киинин тэрийэр тирэх сир.

Сиртэн хостонор баайдаах сир 3 улахан хайысхаларынан арахсар: киин, хоту, уонна илин блоктар. Баайдаах сир 4 лицензионнай учаастактарга араарыллан үлэлиир.

Сиртэн хостонор баайдаах сир территорията Орто Сибиирдээ5и хаптал хайатын,  Өлүөнэ уонна Бүлүү өрүстэрин икки ардыгар турар дэхси сиргэ, Улахан Ботуобуйа өрүс орто сүүрүктээх бассейныгар баар (Бүлүү өрүс уҥа салаата). Өрүскэ суудуналар сылдьыбаттар, саас, сайын быысаһыытыгар кыра кыамталаах оҥочолор сылдьыахтарын сөп. Сыллааҕы сүүрүгүрдүү  120-130 мөл.м.

Сир үрдүнээҕи уулары үөрэтэр салаа көрдөрөрүнэн манна өссө биир Таас-Үрэх өрүс сытар уонна аттыгар кыра өрүстэр. Хаар уутунан өрүс бэйэтин толорунар. Өрүс уонна үрэхтэр хочолоро бадарааннаах сирдэр. Өрүс турар кэмэ алтынньы ый бастакы аҥара, онтон өрүс эстиитэ – муус устар бүтүүтэ, ыам ыйын саҥата. Муус саамай муҥутаан халыҥа 120 см тэҥнэһэр.

Сир ньуура  томтордоох дэхси сирдэр. Ньуур  уһунун бэлиэлэрэ 300-390 миэтирэҕэ тэҥнэһэллэр.  Үрдээһиннэр —  30-50 миэтирэ.

Мииринэй оройуона эмискэ уларыйа сылдьар, кытаанах  климаттаах. Уһун тымныы кыһыннаах, кылгас куйаас сайыннаах. Климат кытаанаҕар хас да биричиинэ сабыдыаллыыр. Мантан биирдэстэрэ, Тиихэй океантан кэлэр сииктээх, инчэҕэй салгын киириитин  илин, соҕуруулуу-илин уонна соҕуруу өттүгэр турар дэхси сирдэр хайаларынан бүөлэниилэрэ буолар. Маны сэргэ, 7 ый устата субуллар кыһын эмиэ кытаанах климат сүрүн төрүөтэ буолар.    Кыһыҥҥы бириэмэҕэ,   салгын температурата ортотунан  28 кыраадыстан  40 кыраадыска тиийэр. Сылыттан көрөн, саамай тымныы ахсынньы, тохсунньу ыйдарга 53-57 кыраадыс тымныы буолар. Оттук сезонун уһуна быһа барыллаан- 270 күн.

Саас уонну күһүн суоҕун кэриэтэ. Сайыҥҥа куйаас күннэр, тымныы түүннэринэн солбуллаллар. Сайын салгын температурата  30 кыраадыска тиийэ итийэр. От ыйыгар салгын температурата Мииринэй оройуонугар ортотунан  12-тэн 18-ка тиийэ сылыйар. Онтон саамай муҥутаан куйаас буолбута – 33-35 кыраадыска тэҥнэһэр.  Оройуоҥҥа сөҥүү түһүүтэ аҕыйах. Ол иһин сайын устата сир кырыһа куурар-хатар, итиэннэ кураанахтыы тоҥор. Хаар түһүүтэ ордук алтынньы-сэтинньи ыйдарга бэлиэтэнэр.

Хаар халыҥа көнө ньуурдаах сирдэргэ 35-50 см тэҥнэһэр. Сылга,  хаар  200 суукка устата  бэлиэтэнэр.

Сиртэн хостонор баайдаах сир инженернай-геологическэй усулуобуйатын сүрүн уратытытан сир анныгар 400 миэтирэ дириҥҥэ тоҥ сытар боруодалар буолаллар. Сезон кэмигэр 3,5-3,9 миэтирэ дириҥҥэ тиийэр ириэрии,  бэс ойуурдаах сирдэргэ водораздельнай учаастактарга ордук бэлиэ.

Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор сирдэрин Илин блогар  хас да көрүҥ тутуу матырыйааллара баара биллэр- кирпииччэлээх туой, испиэскэ тааһа, гравий, гиипсэ, бутовой таас, диабаз.

 

Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор сирдэрин Илин блогун лицензиялаах учаастактара.

Илин Сибиир айылҕатын баайа, ол иһигэр сиртэн хостонор оттуктар (углеводороднай  сырье) толору туһаныллыбакка тураллар. Сүрүн биричиинэ, сир баайдаах сирдэр ыраах сыталлара, кытаанах климатическэй усулуобуйа буолар. Манна эбии региоҥҥа суол-иис сайдыытын мөлтөҕө, мантан сиэттэрэн учаастактарга тиэйии — таһыы үлэтэ  күүскэ ыытыллыбата эмиэ уустуктары үөскэтэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ, транспортировка чааһын сырдатар буоллахха  бу курдук: таһаҕас  Усть-Кут куоракка (Лена станция, Осетрово порт)   Байкал-Амур федеральнай тимир суолунан тиэрдиллэр.  Усть-Куттан салгыы Ленскэйгэ диэри  баржаларынан айанныыр. Айан уһуна  – 961 км.  «Илин Сибиир – Тихэй океан» (ВСТО) ниэп турбата үлэҕэ киирэн хостонор оттуктары тиэйии кыһалҕатын быһаарда.