1970
Орто Ботуобуйа сиртэн хостонор баайдаах сир арыллар.
2009
«РНГ» акционернай уопсастыба Орто Ботуобуйа илин хайысхатынан (газ, газовай конденсат, ниэп хостонор сирэ) сиртэн хостонор баайы туһаныыга анал бырааптаах буоларын ситиһэн, сиртэн хостонор оттуктары (углеводороднай сырьёну) чинчийиигэ уонна хостооһуҥҥа аһаҕас аукциоҥҥа кыайар.
2010
«РНГ» акционернай уопсастыба Орто Ботуобуйатааҕы учаастак илин хайысхатыгар сир баайын туһанары көҥүллүүр лицензия ылар.
«РН КрасноярскНИПИнефть» ХЭТ 2011-2015 сс. лицензиялаах учаастак чэрчитигэр геологическэй чинчийии анал программатын оҥорон бэлэмниир.
2011
2010-2011 сс. 2D ньыманан 400 килэмиэтиргэ сейсмологическэй чинчийии ыытыллар.
2012
2011-2012 сс. кыһыҥҥы сезоҥҥа лицензионнай учаастакка 3D ньыманан 250 кв.км иэннээх сиргэ сейсмологическэй чинчийии ыытыллар. Бу учаастак бүттүүн иэнин 65% буолар.
Орто Ботуобуйа илин хайысхатыгар ыытыллыбыт чинчийии үлэтин бырайыага толору ситэр уонна бигэргэнэр.
501 уонна 502 нүөмэрдээх скважиналарга тутуу үлэтин саҕалыыр бырайыак оҥоһуллар уонна бигэргэнэр.
2013
Сиртэн хостонор баайдаах сири тургутан көрүү бырайыага оҥоһуллар. Бырайыак тустаах тэрилтэлэр нөҥүө сөбүлэһиини ааһар. Ол иһигэр, РФ ниэп уонна газ хостонор сирдэрин иилиир Киин хамыыһыйатынан бигэргэнэр.
2014
Хампаанньаҕа каадыр боппуруоһун быһаарыы үлэтэ куускэ саҕаланар.
Чинчийиллэр скважиналарга сири үүттээһиҥҥэ, үлэлиир тэтими үөрэтэр сыаллаах Halliburton уонна Weatherford бэдэрээччиттэри кытта холбоһуктаах үлэ барар.
2015
Тургутан көрүү бырайыагын иитинэн сиртэн хостонор баайдаах сиргэ оҥоруу-тутуу, усулуобуйаны тэрийии үлэтэ саҕаланар.
2016
ГРР программа түмүктэнэр, саппааһы ааҕыы барар.
2017
РФ кылаабынай судаарыстыбаннай экспертизата Орто Ботуобуйа сирин оҥоруу бырайыагын бигэргэтэр.
“РНГ” АУо специалистара 1-кы нүөмэрдээх скважинаны буурдааһын үлэтин ситиһиилээхтик түмүктүүллэр. Уонна бу кэннэ киэҥ хабааннаах обустройство үлэтэ саҕаланар.
Лицензионнай учаастакка икки ниэп хостуур сир арыллар. Бу сирдэр EASTSIB HOLDING хампаанньа бас билиитигэр киирэллэр.
2018
Ниэби хостооһуҥҥа уонна ВСТО систиэмэтигэр тиэрдээһиҥҥэ “старт” бэриллэр.
2019
Орто Ботуобуйа илин хайысхатыгар баар сиртэн хостонор баайдаах сирдэр промышленнай туһаныыга толору киирэллэр.
2020
Орто Ботуобуйа илин хайысхатыгар аан бастакытын мөлүйүөн туонна ниэп хостонор.
«РНГ» акционернай уопсастыба көмөтүнэн Саха Сиригэр икки улахан муоста үлэҕэ киирэр.
«РНГ» АУо быһаччы кыттыытынан Ленскэй оройуонугар Мурбайдааҕы лицензионнай учаастакка газ конденсатын хостуур сир арыллар. 2020 сыл ахсынньы 4 күнүгэр бу лицензионнай учаастакка И.М. Меньшиков аата иҥэриллэр.
2021
«РНГ» АУо Саха сиригэр хостоммут нефть сүүс партиятын тыырбыта. Компания оҥорон таһаарбыт үбүлүөйүнэн " Транснефть – Порт Козьмино «ХЭО пордугар буолла.
Саха Республикатын баһылыга регион сайдыытыгар «РНГ» АУо кылаатын бэлиэтээтэ. Айсен Николаев компания үлэтин үрдүктүк сыаналаабыта, регион экономикатыгар суолталааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Неби хостооһун кээмэйэ 3 мөл. тоннаҕа тиийдэ.
2022
«РНГ» АУо – HeadHunter үлэнэн хааччыйааччылар рейтиннэрин финалиһа. Хампаанньа HeadHunter 200 бастыҥ тэрилтэтин ахсааныгар киирэн «Крупные компании» бөлөххө «Энергетика и добыча сырья» диэн бэйэтин хайысхатыгар 6 миэстэҕэ тигистэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин правительствота «РНГ» АУо регион сайдыытыгар кылаатын үрдүктүк сыаналаата. Хампаанньа үлэһиттэригэр махтал суруктар уонна 3 үбүлүөйдээх сыл «100 лет Якутской АССР» бэлиэтэ туттарылынна.
«РНГ» АУо ойуурдары чөлүгэр туһэриигэ 160 мөлүйүөн сууммалаах үлэни ыытта. Үлэни бары түһүмэхтэринэн ыытарга «Российский центр защиты леса» федеральнай тэрилтэни кытары дуогабар түһэрсиллибитэ. Бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран 640-тан тахса га иэннээх сиргэ чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытылынна.
2023
«РНГ» АУо «Кубок Главы Республики Саха (Якутия)» диэн ааттаммыт саахымакка эр дьон икки ардыгар ыытыллар Россия Кубогын түһүмэҕин өйөөтө. Региоҥҥа бу спорт көрүҥүн сайдыытын историятыгар маннык киэн хабааннаах күрэхтэһии аан бастакытын үрдүк таһымҥа ыытылынна. Турнирга уопсайа 60 спортсмен кыттыыны ылла.
«РНГ» АУо Саха сирин өрүстэригэр 1 мөлүйүөнү куоһарар быраҥаатта балык ыаматын ыытта. Исписэлиистэр балык ыаматын Бүлүүтээҕи водохранилище боротуокатыгар – Аанньаах өрүскэ тарҕаттылар. Тустаах үлэһиттэр балыктары кислородунан үлүннэриллибит анал полиэтиленовай пакеттарга уган аҕалаллар.
Мииринэйгэ «РНГ» АУо көмөтүнэн тутуллубут саҥа оҕо оонньуур былассаакката арылынна. Бары саҥа аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир оҕо оонньуур, сынньанар сирэ Тихонов аатынан уулуссаҕа дьэндэйдэ. Былассааккаҕа, 1870 квадратнай миэтирэ иэннээх сиргэ, оонньуур комплекстар, сыырдар, хачыаллар, спортивнай тэриллэр уонна оҕо саамай сөбүлээн оонньуур кумахтаах сирэ бааллар.