Перейти к основному содержанию

Хампаанньа туһунан

«РНГ» АУо – Россия Уһук Илин федеральнай уокуругар ниэп уонна гаас хостооһунунан дьарыктанар, EASTSIB HOLDING («Истсиб Холдинг») хампаанньа бөлөхтөрүгэр киирсэр.

РНГ буклет 2024 г.

«РНГ» АУо – Россия Уһук Илин федеральнай уокуругар ниэп уонна гаас хостооһунунан дьарыктанар, EASTSIB HOLDING («Истсиб Холдинг») хампаанньа бөлөхтөрүгэр киирсэр.

Хампаанньа уставной хапытаала 7,5 млрд солкуобай.

Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар геологическэй чинчийиилэри ыытар, үлэнэн хааччыйыыга регион биир саамай бөдөҥ тэрилтэтэ. Инвестиция сүрүн туһаайыыта – Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, гаас, гаас конденсата хостонор баайдаах сир Илиҥҥи блогар (ВБ СБ НГКМ) хостооһун үлэтин ыытыы, туһаҕа таһаарыы, маны сэргэ, чугастыы сытар лицензионнай учаастактарга геологическэй чинчийии үлэлэрин тэрийии.

«РНГ» АУо партнердарын кытта региоҥҥа инфраструктураны сайыннарыыга, үөрэхтээһин, культура уонна социальнай бырайыактарга таһаарыылаахтык үлэлииллэр, олохтоох общественнай тэриллиилэргэ көмө буолаллар.

«РНГ» АУо сүрүн офиһа Москва куоракка кииннээн үлэлиир, эбии офистар Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Усть-Кут бөһүөлэгэр, Самараҕа, Ленскэйгэ, Иркусткайга уонна чуолаан үлэ ыытыллар сиригэр бааллар.

Сорук

EASTSIB HOLDING хампаанньа бөлөҕөр киирэр аныгылыы, үрдүкү технологическэй таһымнаах ниэп, газ хампаанньатын тэрийии. Ураты климатическэй усулуобуйаҕа, ыраах сытар оройуоннарга ниэп, газ курдук сир баайын хостооһунугар үлэни көдьүүстээхтик ыытыы.

Сыал

Саха Сирин соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр баар Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газовай конденсат хостонор сирин Илин блогун (ВБ СБ НГКМ) чинчийии уонна киэҥ далааһыннаахтык туһаҕа киллэрэн баһылааһын.

Илин Сибииргэ ниэп, газ дэҥҥэ көстөр сирдэрин үлэҕэ киллэриини, хампаанньа айылҕа ресурсаларын энергиятын туһанан киһи туһугар туһаайар. Аныгылыы, көдьүүстээх, эппиэтинэстээх үлэни тэрийии хампаанньа бигэ туруктаах буолуутугар, үлэһиттэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ оҥоһуллар.

Кэскиллээх былаан

  • Сиртэн хостонор баайдаах сири чинчийиигэ уонна туһаныыга аныгы инновационнай технологиялары туһаныы.
  • Үлэҕэ аан дойду уонна Россия бастыҥ бэдэрээччит хампаанньаларын кыахтарын туһаныы. Ону тэҥэ дойду научнай-чинчийэр институттарын кытта бииргэ үлэлэһии.
  • Тулалыыр эйгэҕэ ханнык да тугэҥҥэ харыстабыллаах сыһыан – булгуччулаах. Бу туһугар ирдэбиллэри тутуһуу, промышленность сайдыытыгар куттал суох буолуутун хааччыйыы инники күөҥҥэ. Кэтиир уорганнары кытары ыкса сибээстээх уонна аһаҕас үлэ — сайдыы мэктиэтэ.

Бу сыал-сорук олоххо киириитэ хампаанньа акционердарыгар уонна инвестордарга инники өттүгэр үрдүк хаачыстыбалаах үлэни уонна үрдүк дохуоту толору биэрэр кыахтаах. Бырайыактары сайыннарыы олохтоох нэһилиэнньэ өйөбүлүгэр, олох хаачыстыбата тупсарыгар, Саха Сиригэр дьон-сэргэ үлэнэн хааччыллыытыгар төһүү күүс буолар.

Хампаанньа баһыйар күүһэ

  • Илин Сибииргэ чинчийиллибит, биир улахан Орто Ботуобуйа сиртэн хостонор баайдаах сирин Илин хайысхатын оҥоруу.
  • Сиртэн хостонор баайдаах сир стратегическэй суолталаах ВСТО магистральнай ниэп турбатыттан уонна “Сила Сибири” газ турбатыттан чугас сытар.
  • Элбэх бэдэрээччиттэри кытары үрдүк таһымнаах үлэни тэрийэр кыахтаах үлэһиттэрдээх. Хампаанньа үлэһиттэрэ маныаха майгынныыр бырайыактары олоххо киллэрбит улахан уопуттаах дьон.