Мииринэй оройуонун территориятыгар «Таас-Үрэх — Мирнэй-Светлэй» 226,8 килэмиэтир уһуннаах магистральнай газ турбата үлэлиир. 2013 сыллаахха «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» ХЭТ хампаанньа «Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор сирэ – Илин Сибиир Тиихэй Океан » хайысханан ниэп турбатын тутуутун түмүктээбитэ. Ниэп турбата Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газовай конденсат хостонор сирин илин хайысхатыгар (ВБ СБ НГКМ) үлэлиир лицензионнай учаастак нөҥүө ааһар.
Эмиэ бу сылга «РНГ» АУо уонна «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» ХЭТ хампаанньалара бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэҥ түһэрсэллэр. Бу сөбүлэҥ «НК Роснефть» ААО хампаанньа бэрэстэбиитэллэрин өттүттэн эмиэ биһирэнэр уонна бигэргэнэр. «РНГ» АУо былааныгар бэйэ бас билэр ниэп турбатын тутуута киирэр.
Суоллар
Мирнэй оройуонугар транспортнай сибээс 2 хайысханан үлэлиир. Салгын суудунатынан уонна массыынанан. Массыынанан айан суола 4 тыһ. килэмиэтир усталаах. Ол эрэн бу суолтан, баара-суоҕа 30 % төгүрүк сыл туттуллар кыахтаах, онтон атына кыһыҥҥы кэмҥэ эрэ. Оройуон территориятынан 2 улахан суол ааһар. Бастакы суол «Анаабыр» ( Ленскэй-Мирнэй-Өлөөн-Сааскылаах-Үрүҥ-Хайа). 2-с суол «Бүлүү» федеральнай айан суола. Дьокуускай-Мирнэй айан суолун уһуна 1207 килэмиэтир. Суол Саха Сирин киин куоратын кытары ситимниир.
Мирнэй-Ленскэй маршрутунан айан суолун уһуна 240 килэмиэтир. Сиртэн хостонор баайдаах сиргэ суол суох. Сүрүн таһаҕаһы тиэйии үлэтэ кыһыҥҥы суолунан эрэ ыытыллар.
Салгынынан сырыы
Ленскэй куоракка өрүс пуорда эрэ буолбакка, аэропорт үлэлиир. Ан-12, Ан-24, Як-40 сөмөлүөттэр, 3-4 кылаастаах салгын суудуналара, кыһынын Ил-76 бөртөлүөттэр түһэллэр. Салгын суудунатын түһэр балаһата 1750х55, салгын суудунатын саамай улахан көтөр ыйааһына -70 тонна.
Маны сэргэ дьону уонна таһаҕаһы тиэйиигэ Мирнэй аэропордун нөҥүө эмиэ оҥоһуллар. Бу икки аэропортар “РНГ” АУо үлэлиир, сиртэн хостонор баайдаах сирдэриттэн икки ардыларын ырааҕа тэҥ. Манна үлэни «АЛРОСА» АК тэрилтэ иһинэн үлэлиир «Мирнэйдээҕи авиапредприятие» тэрилтэтэ сүрүннүүр.
Тимир суол
«РНГ» АУО таһаҕаһа Илин Сибиирдээҕи тимир суол Лена станциятыгар (Усть-Кут, Иркутскай уобалас) тиэрдиллэр. Бу станцияттан Осетрово өрүс пуордунан, Өлүөнэ өрүһүнэн Ленскэй куоракка кэлэр, онтон айан суолунан Таас-Үрэх бөһүөлэгэр тиэрдиллэр. Таһаҕас суол турдаҕына, кыһыҥҥы суолунан, тимир көлөнөн, вездехоттарынан тиэрдиллиэн сөп. Маны сэргэ таһаҕаһы уонна дьону тиэйии үлэтэ Ленскэй уонна Мирнэй куораттартан бөртөлүөттэринэн эмиэ ыытыллар.
Учаастак иһинээҕи суоллар
Бүгүҥҥү күҥҥэ Орто Ботуобуйа сиртэн хостонор баайдаах сирдэрин илиҥҥи хайысхатын иһинэн ситимниир суоллар суохтар. Ол эрэн бу салааҕа үлэ күүскэ ыытыллар. НПУ-100 оройуонтан суолу тутуу үлэтэ ыытыллан эрэр. Хампаанньа кэлэр сылларга чинчийиллэр скважиналар былассааккаларын ситимнииргэ, лицензионнай учаастак иһинэн хаайтарыыта суох сылдьарга туһаайан айан суолларын олоххо киллэрэр былааннаах.
Уотунан хааччыйыы
Мирнэй оройуонун территориятыгар ГЭС каскада үлэлиир. Бу иһигэр Бүлүүтээҕи I уонна II ГЭСтэр киирэллэр, маны сэргэ 2008 сыллаахха үлэҕэ киирбит Светлинскэйдээҕи ГЭС. Мантан бэриллэр электроэнергия Саха Сирин арҕаа өттүн, ол иһигэр Ленскэй оройуонун толору хааччыйан олорор. Хампаанньа бүгүҥҥү күннээҕи былааныгар сиртэн хостонор баайдаах сиргэ бэйэни бэйэ хааччынар гына үлэни тэрийии буолар. Ол эбэтэр электроэнергияны оҥорон таһаарыы уонна туһанааччыга тиэрдии. Бу соругу олоххо киллэрэрэгэ сиртэн хостонор баайдаах сиргэ газ саппаастарын туһаныллыан наада.
Инфраструктураны сайыннарарга обустройство салаатыгар киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллара ирдэнэр. Ол иһигэр , Ленскэй оройуонугар кииннээн үлэлиир ВСТО утаҕын кытары ситимниир, ниэп турбатын тутуута киирэр. Былаан быһыытынан ниэп турбатын тутуу уһуна – 190 килэмиэтиргэ, диаметра 325 мм тэҥнэһиэхтээх. Онтон оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ сылга – 1,8 мөлүйүөн тоннаҕа тиийиэхтээх. Инникитин,ниэп турбатын трассатыгар оҥорон таһаарыыны сылга 2,5 мөлүйүөн тоннаҕа тиэрдэр тус сыаллаах үлэ ыытыллыахтаах.
САҤА НИЭП УОННА ГАЗ ПРОВИНЦИЯТА
Илин Сибиир дойду ис уонна тас ырыынагар ниэбинэн уонна гааһынан хааччыйыыга бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ толору киирсэр кыахтаах. Орто Ботуобуйа илин хайысхатыгар баараҕай бырайыактаах араас хампаанньалар үлэлииллэрэ инфраструктураны тэрийиигэ, сайыннарыыга улахан кыа5ы уонна күүһү биэрэр. Суоллары, газ, ниэп барар турбаларын тутуу, уот линиялара, бөртөлүөт былассааккалара – бу барыта кэскиллээх дьыала. Регион үрдүнэн уопсайа 65 лицензиялаах учаастак баара биллэр. Мантан 10-на түҥэтиллэ илик учаастактарга киирсэр.
1. «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» ХЭТ
(ПАО «НК «РОСНЕФТЬ» иһинэн үлэлиир)
2. Чайандатааҕы НГКМ
(ОАО «Газпром» иһинэн үлэлиир)
3. Талакааннааҕы
(ОАО «Сургутнефтегаз» иһинэн үлэлиир)
4. Таас-Үрэхтээҕи
(ОАО «Газпром» иһинэн үлэлиир)