Перейти к основному содержанию

Геология

Илин  блок туһунан уопсай иһитиннэрии

Орто Ботуобуйатааҕы сиртэн хостонор баайдаах сир Мирнэй киин өттүгэр “Непско-Ботуобинскай” диэн иҥнэйии барбыт сиригэр баар. Сиртэн хостонор баайдаах сир хайа боруодатын быһыта барбыт сирдэригэр улахан тектоническэй блоктарга араарыллан турар. Соҕуруу (Курунгскай учаастак) уонна киин (сиртэн хостонор баайдаах сир саамай улахан учаастага) диэҥҥэ арахсаллар.  Киин учаастакка ниэп, газ, газ конденсаттарын хостооһунунан  «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» хампаанньа дьарыктанар. Хотугу хайысха, аҥардас газ хостонор сиринэн биллэр. Манна үлэни «Алроса-Газ» хампаанньа салайар. Онтон илин хайысхаҕа  үлэни «РНГ» АУо иилиир.

Терригеннай комплекс Ботуобуйатааҕы саҕаҕын Орто Ботуобуйатааҕы сиртэн хостонор баайдаах сир сүрүннүүр уонна киин, хотугу, илин блоктарга барыларыгар тарҕанан турар. Илин булуокка ниэп саамай улахан дебиттарын  сууккаҕа көрдөрүүтэ 55т. Талахтааҕы саҕах  углеводородтаах сирдэри арыйыыга инники кэскиллээх, манна 501 скважинаҕа промышленнайа суох газ кутуллан киириитэ бэлиэтэммитэ.

Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор сирдэрин Илин блога ниэп, гаас дьапталҕалаах хайа барыылаах сирдэр.   Саҕах халыҥа 9-тан 30 миэтирэҕэ тиийэр.

Илин блокка ниэп дебиттарын саамай улахан көрдөрүүтэ туруору скважиналарга сууккаҕа 200 тоннаҕа тиийэллэр.