«РНГ» АУо үлэһиттэрэ — мультикультурнай корпоративнай эйгэни тэрийбит хампаанньа сүрүн актива буолаллар. Манна хас биирдии киһи, уопсай соругу ситиһэр сыалтан, тус кыаҕын толору арыйан үлэлиэн сөп. Хампаанньаҕа үөрэхтээһиҥҥэ уонна идэ таһымын сайыннарыыга бары кыахтар үөскээтилэр.
РНГ» АУо биир сүрүн сыалынан үлэ кэллэктиибин сөптөөхтүк талыы буолар. Өскөтүн инники сайдыыга, стратегическэй суолталаах сыаллары олоххо киллэрэр буоллахха, үрдүк таһымнаах каадыр боппуруоһа улахан суолталаах.
Хампаанньаҕа үлэ миэстэтэ 2017 сыллаахха Саха Сирин үрдүк үөрэҕин кыһаларын кытары уһун болдьохтоох анал программалары ылыныыга улэ барар. Бу үлэ «РНГ» АУо эдэр специалистарынан хааччыллыытыгар, итиэннэ бүгүҥҥү туругунан хампаанньа тиийбэт үлэһиттэрин толорон биэриигэ туһуланар.
Хампаанньа тэриллэн үлэлиир сылларыгар үрдүк таһымнаах специалистартан турар бастыҥ хамаанданы оҥордо. Бүгүн сайдыы туһугар туруулаһар дьон үксүлэрэ, дойду бастыҥ ниэп уонна газ хампаанньаларыгар үлэлээбит улахан уопуттаахтар. Бу испиэһэккэ киирэллэр ТНК-ВР, Транснефть, РИТЭК, Сургутнефтегаз курдук улахан хампаанньалар.