- Сиртэн хостонор баайдаах сири чинчийиигэ уонна туһаныыга аныгы инновационнай технологиялары туттуу.
- Эрэллээх бэдэрээччиттэри, маны сэргэ, үлэлиир хайысхаҕа сыһыаннаах уонна академическай научнай-чинчийэр институттары сыһыарыы.
- Тулалыыр эйгэҕэ ханнык да тугэҥҥэ харыстабыллаах сыһыан – булгуччулаах. Бу туһугар ирдэбиллэри тутуһуу, промышленность сайдыытыгар куттал суох буолуутун хааччыйыы инники күөҥҥэ. Кэтиир уорганнары кытары ыкса сибээстээх уонна аһаҕас үлэ — сайдыы мэктиэтэ.
Бу сыал-сорук олоххо киириитэ хампаанньа акционердарыгар уонна инвестордарга инники өттүгэр үрдүк хаачыстыбалаах үлэни уонна үрдүк дохуоту толору биэрэр кыахтаах. Бырайыактары сайыннарыы олохтоох нэһилиэнньэ өйөбүлүгэр, олох хаачыстыбата тупсарыгар, Саха Сиригэр дьон-сэргэ үлэнэн хааччыллыытыгар төһүү күүс буолар.
Хампаанньа баһыйар күүһэ
- Илин Сибииргэ чинчийиллибит, биир улахан Орто Ботуобуйа сиртэн хостонор баайдаах сирин Илин хайысхатын оҥоруу.
- Сиртэн хостонор баайдаах сир стратегическэй суолталаах ВСТО магистральнай ниэп турбатыттан уонна “Сила Сибири” газ турбатыттан чугас сытар.
- Элбэх бэдэрээччиттэри кытары, үрдүк таһымнаах үлэни тэрийэр кыахтаах үлэһиттэрдээх. Хампаанньа үлэһиттэрэ маныаха майгынныыр бырайыактары олоххо киллэрбит улахан уопуттаах дьон.