Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо Таас Үрэх олохтоохторугар сибээс хаачыстыбатын тупсарарга көмөлөһүөҕэ

22 октября 2025

Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ботуобуйа нэһилиэгин кытта дуогабар түһэрсэн нэһилиэккэ суотабай сибээс өҥөтө тупсарыгар, мобильнай интернет тохтоло суох үрдүк хаачыстыбалаахтык үлэлииригэр болҕомто ууруохтара.

«РНГ» АУо салайааччытыгар Ботуобуйа нэһилиэгин баһылыга көмөҕө наадыйарын биллэрэн, бу нэһилиэк бүгүҥҥэ күҥҥэ сытыы кыһалҕата буоларын этэр. Хаачыстыбаннай сибээс суоҕа олох таһымын түһэрэр диэн сиһилии кэпсэтии ыытар.

Бииргэ үлэлэһии докумуонугар олоҕуран «РНГ» АУо көрбүт үбүлээһинигэр анал оборудование атыылаһыллыбыт, онон сыл бүтүөр диэри таҥыы, бэрэбиэркэ үлэтэ ыытыллан сибээс тупсуохтаах.

Бэлиэтээн эттэххэ, Ботуобуйа нэһилиэгин баһылыга уонна хампаанньа биир ситимнээх уонна былааннаах үлэни ыыппыттара ыраатта. Хампаанньа нэһилиэк социальнай-экономическэй  олоҕо сайдыытыгар үтүмэн үлэни ыытар.

Теги