«РНГ» АУо дьиэ кэргэн тутулун сайыннарар Институтка харчынан көмө оҥордо
Хампаанньа коммерческэйэ суох тэрилтэҕэ үбүлээһини оҕону ииттэ ылар төрөппүттэр оскуолаларыгар араас хабааннаах дьарыктары тэрийэригэр анаан ыытта.
Дьиэ кэргэн тутулун сайыннарар Институт (ИРСУ) биллиилээх психолог Людмила Петрановская көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Тэрилтэ тулаайах оҕолор кыһалҕаларыгар уонна кинилэр саҥа дьиэ кэргэҥҥэ адаптацияны ааһалларыгар туһулаан киэҥ хабааннаах үлэни тиһигин быспакка ыытар.