Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо Саха сирин Бэчэнчэ нэһилиэгин олохтоохторугар көмө буолла

30 декабря 2025

Хампаанньа ыксаллаах быһыыга түбэспит олохтоохторго аварийнай генератордар үлэлэрин хааччыйыыга дизельнай уматык тиэртэ.

«РНГ» АУо салалтатыгар көмөҕө наадыйан Бэчэнчэ нэһилиэгин баһылыга сибээскэ тахсыбыта. Санатан эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ленскэй оройуонун Бэчэнчэ нэһилиэгэр саахал тахсан уотунан хааччыллыыга уустуктары көрсүбүттэрэ. Чөлүгэр түһэрии үлэтэ барар кэмигэр, хас да күн устата, олохтоохтор аварийнай дизельнай генератор көмөтүнэн уоттанан олорбуттара.

«РНГ» АУо кыһалҕалаах нэһилиэнньэлээх пууҥҥа «Арктика» көрүҥ дизельнай уматыгы, уопсайа 1,4 тоннаны, тиэрдэн биэрбитэ.

«РНГ» АУо үлэлиир оройуоннарыгар олохтоох нэһилиэнньэҕэ күүс-көмө буолуу Хампаанньа социальнай бэлииитикэтин биир тутаах салаата буолар.

Теги