«РНГ» АУо бигэ тирэхтээх сайдыыга «А» рейтини бигэргэттэ
AK&M ааҕыныстыба хампаанньа национальнай рейтинговай шкалатыгар үчүгэй сыанабылы биэрдэ. «А» рейтинг диэн «РНГ» АУо бигэ туругунан Россия хампаанньаларын икки ардыгар үрдүк көрдөрүүлээҕин туоһулуур.
Бэлиэтээн этиллибитинэн, «РНГ» АУо тулалыыр эйгэҕэ эппиэтинэстээх сыһыана, корпоративнай управление ситиһиилэрэ, региональнай былаастары, олохтоох түмсүүлэри кытта көдьүүстээхтик бииргэ үлэлэһиитэ үрдүктүк сыаналаммыт.