«РНГ» АУо Саха сиригэр 250 тыһыынча мутукчалаах мас олордуо
Хампаанньа Саха сиригэр ойуурдаах сири чөлүгэр түһэриигэ өссө биир түһүмэҕэр үктэннэ. 2025-2027 сылларга бу сыалга диэн үбүлээһин сууммата 74,9 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһиэҕэ.
Саха сирин Бүлүү улууһугар 250 тыһыынча сэбирдэхтээх маһы 229 га сиргэ олордоллоро былааннанар.
Маннык тэрээһин «Российский центр защиты леса» федеральнай тэрилтэ көҕүлээһининэн ыытыллар уонна «РНГ» АУо социальнай эппиэтинэһин көҕүлүүр программаҕа олоҕурар.