07 октября 2026
Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээр олохтооҕор, бэтэрээҥҥэ, дьиэтин өрөмүөннүүр матырыйаалын тиэйэргэ анал массыына көрөн улахан өйөбүл оҥордо.
«РНГ» АУо-ҕа матырыйаал тиэйэргэ көмө наадатын туһунан нэһилиэк дьаһалтата биллэрбит. Тутуу матырыйаалын Мииринэйтэн Сүлдьүкээр нэһилиэгэр тиэйэн аҕалбыттар.
«РНГ» АУо уонна Мииринэй оройуонун салалтата номнуо хаһыс да сылын биир ситимнээх үлэлииллэр. Бииргэ үлэлэһии докумуонугар олоҕуран оройуон олохтоохторугар араас хайысханан көмө уонна өйөбүл оҥоһуллар.