Перейти к основному содержанию

«РНГ» хампаанньа үлэһитэ Мииринэй куорат бочуоттаах олохтооҕо буолла

25 ноября 2026

«РНГ» хампаанньа бөлөҕүн үлэһитэ Александр Меньшов «Мииринэй куорат бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэ ааты ылла. Бу үрдүк аат – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Мииринэй куорат сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит олохтоохторго үрдүк сыанабыллара буолар.

Александр Алексеевич Меньшов Мииринэйгэ биллэр киһи. Быйыл бу сэтинньи ыйга 72 сааһын туолла. Олоҕун 40 тахса сылын бу куоракка анаата: оҕолоро, сиэннэрэ улааппыт ытык дойдулара. Бэйэтин идэтигэр үрдүк таһымнаах маастар, уопуттаах инженер-автодорожник, кини хас да уонунан сыл Мииринэй куоракка бэйэтигэр, ону таһынан Мииринэй, Ленскэй, Ньурба оройуоннарыгар суоллары тутууга үлэлээбитэ. Хас биирдии айан суолун учаастагын билэр киһи.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Александр Алексеевич «РНГ» хампаанньаҕа оҥорон таһаарыы хайысхатын салайар. Бөлөх сайдар, үтүө суобастаахтык үлэлиир, регион сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрэр, социальнай эппиэтинэс эйгэтигэр эбээһинэстэрин толорор.

«Мииринэй улууһун Бочуоттаах олохтооҕо аат - миэхэ үрдүк чиэс. Бу куораты кытта мин олоҕум барыта сибээстээх: манна мин дьиэ кэргэним, доҕотторум, тапталлаах үлэм. «РНГ» хампаанньаҕа үлэлиирбинэн киэн туттабын. Саха сирин Мииринэй оройуонун сайдыытыгар «РНГ» киллэрэр улахан кылаатын көрөбүн. Бу маннык улахан хамаандаҕа киирэрим миэхэ улахан суолталаах. Хампаанньа оҥорон таһаарыыны эрэ сайыннарбат, өссө элбэҕи олохтоох дьоҥҥо оҥорор», – диэтэ Александр Меньшов.

Теги