«РНГ» АУо Мииринэй оройуонугар көмө оҥордо
Улуус дьаһалтатын көрдөһүүтүнэн хампаанньа дьиэ-уот хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр дизельнай уматыгынан көмөлөстө.
Бу тэрилтэ көрүүтүгэр Мииринэй куоракка элбэх квартиралаах дьиэлэр бааллар. Маны сэргэ Алмаастаах бөһүөлэгэр, Арыылаах дэриэбинэҕэ дьон олорор пуондатын эмиэ көрөллөр. Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын Мииринэйдээҕи тэрилтэтигэр дизельнэй уматык тыын боппуруос. Оҥоһуллубут көмө туһааннаах эбийиэктэргэ ыксаллаах түгэннэр тахсар түбэлтэлэригэр, ону туоратарга, улахан суолталаах буолуоҕа.