Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо «Харысхал» аһымал пуондатыгар көмө оҥордо

22 июля 2026

Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйаларыгар хааччахтаах, инбэлиит оҕолорго көмө буолар «Харысхал» («Милосердие») аһымал пуондатыгар харчынан көмөлөстө.

Харчы Саха сирин искэн ыарыытынан ыалдьар оҕолоругар тыырыллыаҕа.

Саха сиринээҕи «Харысхал» пуонда доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго көмө буолар сыаллаах социальнай бырайыактары олоххо киллэрэр. Пуонда Өрөспүүбүлүкэҕэ инклюзивнай үөрэхтээһини сайыннарар, инбэлиит оҕолорго тус көмөҕө саҥа, аныгы ньымалары олоххо киллэрэр.

Үтүөнү оҥорон, дьоҥҥо көмө буолуу – «РНГ» АУо үлэтин-хамнаһын өссө биир сүрүн соруга. Хампаанньа мэлдьи көмөҕө наадыйар дьоҥҥо өйөбүл, тирэх буолар.

Теги