Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо Таас-Үрэх нэһилиэгэр көмө оҥордо

20 января 2026

Хампаанньа Таас-Үрэх нэһилиэгэр бырааһынньыктааҕы өрөбүллэр кэмнэригэр бөҕү таһыыга көмө буолла.

Бөҕү тиэйиигэ аналлаах тиэхиникэни уларсарга Ботуобуйа нэһилиэгин баһылыга «РНГ» АУо салалтатыттан көмө көрдөспүт. Тэрилтэ күүһүнэн нэһилиэк иһиттэн, социальнай эбийиэктэртэн бары кытаанах бөх тиэллэн, аналлаах сиргэ быраҕыллыбыт.

Бэлиэтээн эттэххэ, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа бэйэ бас билэр бөх тоҕор полигона суох. Нэһилиэк дьаһалтата «РНГ» АУо салалтатыгар бу боппуруоска көмө буоларыгар көрдөһөр уонна хампаанньа промышленнай бөҕү тоҕор полигонун көҥүллээх туһанар.

«РНГ» АУо уонна Ботуобуйа нэһилиэгин дьаһалтата номнуо хаһыс да сылын ситиһиилээхтик бииргэ үлэлэһэллэр. Бииргэ үлэлэһии докумуонугар олоҕуран оройуон олохтоохторугар араас эйгэҕэ киэҥ хабааннаах өйөбүл үлэтэ ыытыллар.

Теги