Өйөбүл «Ботуобуйа нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии социальнай-экономическэй сайдыытын тус сыаллаах программатыгар олоҕуран оҥоһуллар.
Хампаанньа нэһилиэккэ үлэлиир бүддьүөт тэрилтэлэрин уунан хааччыйар, бэйэтин полигонугар нэһилиэнньэ кытаанах бөҕүн таһар, итиэннэ, Таас-Үрэх нэһилиэгин иһигэр ыытыллар улахан үлэлэргэ бэйэтин техникатын уларсар. Ааспыт сылга «РНГ» АУо сынньалаҥ уонна культура киинин территориятын саҥардан, тупсаран оҥорон биэрбитэ.
Нэһилиэк администрацията көмөҕө наадыйдаҕына хампаанньа салалтатыгар быһа тахсар. Ол курдук хампаанньа, бу сырыыга эмиэ көрдөһүүнү быһа гыммакка, от тиэллиитигэр көмө буолла. 16 туонна от, Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгиттэн, олохтоох «Сандалы» сүөһү иитэр потребительскэй кооперативка тиэллэн кэллэ. Быйылгы сыл сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ уустуктары үөскэтэн кооператив былаанын ситэри толорбокко кыстыкка үктэммитэ.
«Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар оҥорон таһаарыы, итиэннэ сүөһү төбөтүн ахсаанын энчирэппэт буолуу – бу нэһилиэнньэни бэйэ бородууксуйатынан хаччыйыыга улахан суолтаны ылар. «РНГ» АУо-ҕа өйөбүлгүт иһин махталбытын биллэрэбит», – диэн Таас-Үрэх нэһилиэгин баһылыга Агния Симонова санаатын үллэһиннэ.
Маны сэргэ, бэрт сотору кэминэн хампаанньа Мииринэй оройуонугар баар «Живые алмазы Якутии» айылҕа пааркатыгар уматык уонна эбии ас тиэрдиэхтээх. «РНГ» АУо бу тэрилтэни кытта 2014 сыллаахтан бииргэ үлэлиир.