Быйылгы сыллааҕы «Стратегическое планирование в регионах и городах России» бүтүн дойдутааҕы форум сүрүн темата: «Стратегии эпохи турбулентности». 2 күн устата уопсайа 30-тан тахса араас тэрээһин ыытыллыаҕа, хас биирдии тэрээһиҥҥэ аныгы усулуобуйаҕа олоҕуран дойду территорияларын сайыннарар сыаллаах ураты былааннары үөрэтиигэ, олоххо киллэриигэ улахан болҕомто ууруллуоҕа.
«Форумҥа 1000-тан тахса киһи кыттыыны ылыаҕа. Кинилэр кризис усулуобуйатыгар дойду регионнарын, куораттарын бигэ туруктаах сайдалларыгар общество араас институттарын бииргэ түмэн үлэлииргэ уопут атастаһыахтара, бастыҥ практикалары билиһиннэриэхтэрэ. «РНГ» АУо-ҕа биһиги тэрээһиммитин өрүү өйүүрүгэр махталбытын биллэрэбит», – диэн норуоттар икки ардыларынааҕы «Леонтьевский центр» социальнай-экономическэй чинчийиилэр кииннэрин генеральнай дириэктэрэ Ирина Карелина санаатын үллэһиннэ.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ Россия кытаанах экономическэй ыҥырыылары тутта, бу курдук олус диэн сытыы боппуруостары быһаарарга уопут атастаһыыта, ситиһилээх бырайыактары киэҥник тарҕатыы наһаа наадалаах. Инникитин да маннык тэрээһиннэри өйүүр буолуохпут», – бу курдук бэйэтин санаатын «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин эттэ.
Стратегтар форумнара 2002 сыллаахтан ыытыллар. Сыл ахсын тэрээһиннэр Санкт-Петербург куоракка буолаллар. Бу сырыыга Форум сэтинньи бастакы декадатыгар ыытыллыаҕа.