Хампаанньа хаһыс да сылын үөрэх кыһатын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиир уонна материальнай-техническэй хааччыйыы боппуруостарыгар көмө буолар.
Р.В. Лонкунов аатынан 9-с нүөмэрдээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата – Таас-Үрэх нэһилиэгэр соҕотох уонна Мииринэй оройуонугар биир кырдьаҕас оскуолалартан биирдэстэрэ. Ааспыт өрөбүллэргэ оскуола төрүттэммитэ 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Оскуолаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ 75 оҕо үөрэнэр. Үбүлүөйдээх бэлиэ күҥҥэ араас сыллардааҕы выпускниктар, оскуола партнердара кэлэн эҕэрдэлээтилэр, ол иһигэр, «РНГ» АУо бэрэстэбиитэллэрэ.
2019 сыллаахха хампаанньа оскуола кыһатыгар оҕолору цифровой, технологическэй уонна гуманитарнай хайысхаларынан дириҥник үөрэтэр сыаллаах «Точка роста» үөрэх киинин тэрийэргэ харчынан күүс-көмө буолбута.
«РНГ» АУо өйөбүлүн иһин махталбытын биллэрэбит. Хампаанньа исписэлиистэрэ наада буоллаҕына хаһан да аккаастаммакка өрүү күүс-көмө буолаллар. Холобур, бэрт соторутааҕыта саҥа кухоннай оборудованиебытын таҥан, туруоран биэрбиттэрэ», – диэн оскуола дириэктэрэ Эмилия Симонова кэпсээтэ.
Маны таһынан «РНГ» АУо былааныгар үөрэх кыһатыгар баһаарынай ирдэбили тутуһууну уонна баһаартан сэрэхтээх буолууну күүһүрдэр үлэни ыытыахтаах. Маныаха хампаанньа исписэлиистэрэ, оскуола таһыгар турар резервуартан ууну туһаныыны табыгастаах гына оҥоруохтаахтар, итиэннэ, Таас-Үрэххэ диэри айан суолун кутан, саҥардан биэриэхтээхтэр. Оччотугар баһаарынай техника мэһэйэ суох сылдьар кыахтанар.