«РНГ» АУо– норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо уонна ыччат бырайыагын федеральнай партнера. Хампаанньа тэрээһиннэри ыытарга харчынан көмөлөһөр.
Норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо уонна ыччат «Экология – дело каждого» бириэмийэтин өйүүр сыаллаах, Росприроднадзор уонна Россиятааҕы футбольнай сойуус (РФС) тэрийэн ыыппыт аахсыйаларын, Байкал күөл күнүгэр анаатылар.
6 күн устата эдэр футболистар тренердарын, төрөппүттэрин уонна доҕоттторун кытта Россия 73 куоратыгар, Калининградтан Владивостокка тиийэ, территориялары ыраастаатылар. Аахсыйалар Дьокуускайга, Улан-Үдэҕэ, Санкт-Петербурга, Казаньҥа, Махачкалаҕа, Подольскайга ыытылыннылар. Экологическэй тэрээһиҥҥэ 1,5 тыһыынча спортсмен кыттыыны ылла. Ол иһигэр биллэр спортсмен, Россия сборнайын чилиэнэ, хапытаана буола сылдьыбыт Алексей Смертин.
«Спорт хас биирдии киһи олоҕор улахан суолталаах, биир бастакынан, чөл олох мэктиэтэ буолар. Биһиги бириэмийэбит эмиэ доруобуйаҕа туһуламмыт бириэмийэ. Биһиги оҕолорго экология тыын боппуруостарын арыйабыт. Футбол – норуот сөбүлүүр оонньуута, кини аан дойду үрдүнэн биир санаалаахтары түмэр. Биһиги бириэмийэбит эмиэ оннук аналлаах диэтэхпинэ сыыспаппын. Сыалбыт – бары биир санааны түмэн, планета ыраас, чэбдик буоларын ситиһии, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии», — диэн Росприроднадзор салайааччыта Светлана Радионова санаатын үллэһиннэ.
«Экология – дело каждого» норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо уонна ыччат бириэмийэтэ Росприроднадзор сулууспатынан былырыын кулун тутар ыйга бигэргэммитэ. Бириэмийэҕэ 6-тан 17-гэр диэрии саастаах ыччат, оҕо кыттыан сөп. Айар үлэлэр 9 номинациянан кыттыыны ылаллар. Онтон иккитэ хамаанданан үлэлэр – «Экосемья» уонна «Экошкола». Уонна биирдиилээн көрүҥҥэ 7 номинация баар – «Экомир», «Экопроект», «Экоблогер», «Экорисунок», «Экофокус», «Экомультфильм», «ESG-поколение».
Бүгүҥҥү күҥҥэ олус элбэх сайаапка киирдэ – 25 тыһыынчаттан тахса. Айар үлэлэр дойду бары регионнарыттан, маны таһынан, 20 араас дойдуттан киирдилэр. Түмүк сэтинньи ыйга тахсыаҕа.