Сиртэн хостонор баайдаах сир автопааркатыгар 10 саҥа Shacman таһаҕас тиэйэр массыыналара кэлиэхтэрэ.
Бастакы биэс массыына билигин Ленскэйгэ тиийэн тураллар уонна нэдиэлэ бүтэһигэр Мииринэйгэ кэлиэхтэрэ. Онтон гаас уматыгынан барар, иккис баартыйа массыыналар, кэлэр сыл бастакы кварталыгар кэлэллэрэ былааннанар.
Самосваллар саҥа эбийиэктэри тутуу үлэтигэр туһаныллыахтара. Ол эбэтэр, «Бүлүү» федеральнай суол салалтатын кытары бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран, А-331 «Бүлүү» федеральнай суол трассатын тутуу үлэтин салҕааһыҥҥа, маны сэргэ, Соҕуруу-Сүлдьүкээр уонна Орто Ботуобуйатааҕы гаас, ниэп, гаас конденсата хостонор сирин Илин Блогун оҥорууга ылсыахтара.
«Саха Сирин тыйыс тымныы усулуобуйатыгар үлэ таһаарыылаах буоларыгар, хампаанньа аныгы техникалары туһанар, автопааркатын хаҥатар. Бу барыта производственнай сыаллары түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык быһаарарга көмө буолар», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.