«РНГ» АУо — «Экология – дело каждого» оҕо уонна ыччат норуоттар икки ардыларынааҕы бириэмийэтин федеральнай партнера
Бириэмийэ Россиятааҕы айылҕа харыстабылын хонтуруоллуур тэрилтэ өйөбүлүнэн, 7-тэн 16-гар диэри саастаах, туларыыр эйгэ харыстабылыгар болҕомто уурар оҕолорго ананан олохтоммута. Хампаанньа тэрээһини ыытарга, бары номинацияларынан кыайыылаахтары, призердары наҕараадалыырга харчынан көмөлөстө.
Кулун тутар 1 күнүгэр «Экология – дело каждого» бырайыак саҥа сезонун бастакы түһүмэҕэ саҕаламмыта. Бырайыак оҕону, ыччаты экологическэй харыстабыл боппуруостарын өрө тутарга, социальнай ситим көмөтүнэн актыыбынай буоларга ыҥырар.