Хампаанньа эмтэммэт ыарыылаах оҕолорго уонна 2023 сылга расходнай матырыйааллары атыылаһарга диэн харчынан көмөлөстө.
«Дом с маяком» аһымал пуондата Москва уонна Московскай уобалас территориятыгар баар оҕолор, эдэр, улахан дьон хоспистарын өйүүр. Тэрилтэ көрүүтүгэр 10 тыһыынча кэриҥэ дьиэ кэргэн сылдьар. Коммерческэйэ суох тэрилтэ бырайыактарыгар уонна программаларыгар олоҕуран, харалтаҕа сылдьар дьон бары өттүнэн көмөнү босхо туһаналлар.
«Пуонда көрүүгэ-истиигэ, харалтаҕа сылдьар дьонугар медицинскэй арыаллааһыны, психологическэй, социальнай уонна быраабы көмүскээһин өҥөлөрүнэн хааччыйар. «РНГ» АУо финансовай өйөбүлэ расходнай матырыйаалларбытын тургэнник хааччынарбытыгар, көрөр-истэр ыалларбытыгар, араас малы-салы пуочтанан тохтоло суох ыытарбытыгар улахан көмөлөөх», – диэн «Дом с маяком» үтүөнү оҥорор пуонда толорооччу дириэктэрэ Елена Куперштох бэлиэтээн эттэ.
Хампаанньа хаһыс да сылын бу коммерческэйэ суох тэрилтэҕэ көмөлөһөр. Эрдэ ыарахан туруктаах, сатаан хаампат, ыарыһахтарга специализированнай кэлээскэлэри, ходуноктары ыларга, итиэннэ, эмиэ бэйэлэрэ аһаабат туруктаах ыарыһахтарга анаан энтеральнай аһынан хааччыйыыга диэн уопсайа 2 мөлүйүөн солкуобайы көрбүтэ.
««Дом с маяком» үтүө санаа пуондатын кытары биһиги хаһыс да сылын үлэлиибит. Инникитин да аһымал, үтүө дьыалалар элбии туралларын туһугар өйөбүл салгыы ыытыллыаҕа», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.