Хампаанньа номнуо иккис сылын бу обществоҕа улахан суолталаах бырайыакка көмө буолар. Тэрээһини Роспироднадзор тэрийэн ыытар, 7-тэн 16-гар диэри саастаах тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыны өйүүр оҕолор кыттыыны ылаллар.
«Экология – дело каждого» бириэмийэ үһүс сезона кулун тутар 1 күнүттэн саҕаланар. Бырайыак ыччаты уонна оҕолору тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар, айылҕа харыстабылын боппуруостарыгар болҕомтону ууралларыгар, ол иһигэр социальнай ситим нөҥүө бу хайысхаҕа актыыбынай кыттыыны ылалларыгар туһуланар. Куонкуруска 10 номинация баар: айар үлэттэн саҕалаан научнай-чинчийэр үлэлэргэ тиийэ.
«Оҕолор бэйэлэрин көрүүлэрин, билиилэрин бары хайысхаҕа тургутан көрүөхтэрин сөп – искусствоттан саҕалаан наукаҕа тиийэ. Кыттааччылар инники өттүгэр – инженердар уонна экологтар, журналистар уонна бизнесменнар, биологтар уонна үрдүк технологияны баһылыыр дьон. Кинилэр саҥа көҕүлээһиннэриттэн тус олохторун инникитэ эрэ буолбакка, планета бүттүүнүн сайдыыта быһаччы тутулуктаах», – диэн Росприроднадзор салайааччыта Светлана Радионова бэлиэтээн эттэ.
2022 сыллаахха бырайыакка кыттыан баҕалаах ахсаана хаһааҥҥытааҕар да олус элбэх этэ – 45 тыһыынчаттан тахса киһи сайаапка биэрбитэ. Россия бары регионнарыттан, 33 судаарыстыбаттан видеороликтар, уруһуйдар, хаартыскалар көмөлөрүнэн айылҕаҕа хайдах харыстабыллаахтык сыһыаннаһар туһунан көрдөрбүттэрэ, бэйэлэрин тус этиилэрин, көрүүлэрин, бырайыактарын киллэрбиттэрэ.
«Тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыан – «РНГ» АУо айылҕа харыстабылын политикатыгар биир суолталаах хайысхата. Хампаанньа бу хайысхаҕа араас көҕүлээһиннэри мэлдьи өйүүр, бэйэтин бырайыактарын эмиэ олоххо киллэрэр. Экологическэй хайысхаҕа сырдатыы кыра оҕо эрдэхтэр ыытыллыахтаах, ол иһин 2-с сылбытын «Экология – дело каждого» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыакка үөрүүнэн көмө буолабыт», – диэн бэйэтин санаатын «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин үллэһиннэ.