Хампаанньа хаһыс да сылын «Информационная культура» диэн коммерческэйэ суох автономнай тэрилтэ тэрийэн ыытар тэрээһинигэр харчынан өйөбүлү оҥорор.
Конференция – International Open Data Day норуоттар икки ардыларынааҕы көҕүлээһин чааһа буолар. Бу көҕүлээһин аһаҕас дааннайдар концепцияларыгар, судаарыстыбаннай былаас уорганнарыгар, бизнескэ, гражданскай обществоҕа, коммерческэйэ суох тэрилтэлэр үлэлэригэр информационнай хамсааһын дьэнкир буоларын туһугар сайыннарыы, өрө тардыы үлэтин ыытар.
Быйылгы сылга тэрээһин онлайн форматынан ыытыллар. Тэрийээччилэр сессия кыттааччыларыгар анаан дакылааттары, араас кейстар сүрэхтэниилэрин, сытыы, кыһалҕалаах боппуруостарга уонна да атын бырайыактарга маастар кылаастары бэлэмнээтилэр.
«Биһиги судаарыстыба уонна общество аһаҕастык үлэлииллэрин туһугар улахан болҕомто уурабыт. Аһаҕас дааннайдар күннэрэ – бу биһиги үлэбит биир тутаах уонна суолталаах тэрээһинэ буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ тирээн турар саамай кыһалҕалаах боппуруостарга эппиэт биэрэбит. «РНГ» АУо-ҕа тэрээһиммитин өрүү өйүүллэрин иһин махталбытын биллэрэбит», – диэн «Информационная культура» коммерческэйэ суох автономнай тэрилтэ диэриэктэрэ Иван Бегтин бэлиэтээтэ.
««РНГ» АУо тутаах партнердарын уонна обществоны кытары дьэҥкир, чиэһинэй сыһыаны олохтуурга, хардарыта дьайсан үлэлииргэ дьулуһар. Манна хайаан да икки өттүттэн интэриэс учуоттанар, үлэ хардыытын түмүктэрин, быллааннарын сырдатыы туһунан иһитиннэриилэр киирэллэр. Ол иһин биһиги маннык, аһаҕас дааннайдар күннэрин курдук киэҥ хабааннаах, тэрээһиннэри өйүүрбүт хайаан да наадалаах уонна сүдү суолталаах», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин тоһоҕолоон эттэ.
«Информационная культура» коммерческэйэ суох автономнай тэрилтэ – 2012 сыллаахха тэриллэн үлэтин саҕалаабыт Россиятааҕы хамсааһын. Сүрүн хайысхалара – аһаҕас дааннайдар концепцияларын сайыннарыы, киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, обществоҕа информационнай культураны, маны сэргэ, общественнай хонтуруолу үрдэтиигэ эмиэ киэҥник ылсан үлэлиир.