Хампаанньа «Энергетика, добыча и переработка сырья» хайысхаҕа 8 миэстэҕэ тигистэ.
HeadHunter рейтинигэр киирбит, Россия бастыҥ үлэнэн хааччыйааччыларын быһаарыы хас да түһүмэҕинэн ыытылынна: үлэһит үлэлиир тэрилтэтигэр сыһыаныгар, төһө бэриниилээҕин, сокуоннары хайдах ылынарын таһымын быһаарар анкета ыйытыыларыгар эппиэттээһин; интернет-рекрутинг анал порталыгар ыйытыыларга хорйдааһын уонна кыттыыны ылар тэрилтэлэр HR-процесс сайдыытыгар үлэлэрин түмүгүн дьүүллүүр хамыыһыйа сыаналаата. Уопсайа рейтиҥҥэ 1996 хампаанньа сайаапка биэрэн кыттыыны ылбыт, олортон 1082-тэ финалга киирдилэр.
««РНГ» АУо маннык киэҥ хабааннаах тэрээһиҥҥэ ситиһиилээхтик кыттыыны ылыыта – бу үлэни көрдөөччүлэр иннилэригэр таһым үрдүгүн бигэргэтии уонна хампаанньа кадровай политикатын бары өттүнэн ыраҥалыырга кыах биэрэр», – диэн «РНГ» АУо персоналы кытары үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Оксана Гробовец санаатын үллэһиннэ.
Хампаанньа HeadHunter рейтинигэр хаһыс да төгүлүн кыттыыны ылар. 2022 сыллаахха бырайыак финалистарын испиэһэгэр эмиэ киирбитэ. Экспертэр бэлиэтииллэринэн «РНГ» АУо – аһаҕас уонна киһини эрэннэрэр, кэрэхсэбиллээх үлэ биэрээччи хампаанньа быһыытынан сыаналанар. Маны сэргэ, HR-процесстары, үлэни-хамнаһы ситиһиилээхтик сайыннарар тэрилтэ быһыытынан көрөллөр.
«Биһиги үлэһиттэрбит – хампаанньа сайдыытын түстүүр, туруорбут сыалы ситиһиигэ күүс-көмө буолар, саҥаттан саҥа бырайыактары олоххо киллэрэр, бары өттүнэн идэлэригэр бэриниилээх дьон. Биһиги хас биирдии үлэһиккэ куттала суох усулуобуйаны тэрийиигэ болҕомтобутун уурабыт, үрдүк таһымнаах исписэлиистэринэн хааччыллыыга кыһаллабыт уонна персоналга үлэҕэ сыһыаны үрдэтэн мотивационнай систиэмэни сайыннарабыт», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.
2019 сыллаахтан хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбата тэрийэн ыытар «Местные кадры – в промышленность» программатыгар кыттыыны ылар. Бу программа региоҥҥа олохтоох нэһилиэнньэ тутаах промышленнай хампаанньаларыгар үлэнэн хааччыллыыларыгар кыаҕы биэрэр. Маны таһынан, «РНГ» АУо ниэп, гаас эйгэтигэр инники күөҥҥэ сылдьар идэлэргэ үөрэтэр региональнай үрдүк үөрэх кыһаларын кытары бииргэ үлэлэһэр, араас бырайыактарга көхтөөх кыттыыны ылар.