Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо дьиэ кэргэн тутулун сайыннарыы Институтугар көмө оҥордо

30 января 2023

Хампаанньа Москва куоракка үлэлиир дьиэ кэргэҥҥэ психологическэй көмөнү оҥорор уонна оҕону иитэ ылар төрөппүттэри өйүүр оскуолаҕа дьарыктары ыытарга анаан 1 мөлүйүөн харчынан көмөлөстө.

«Институт развития семейного устройства» коммерческайа суох автономнай эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ 2012 сыллаахтан үлэлиир. Тэрилтэ сүрүн сыала – төрөппүтэ суох оҕо кыһалҕатыгар үлэлэһии уонна бу эйгэҕэ исписэлиистэри бэлэмнээһин. Өссө биир суолталаах хайысхата – приемнай төрөппүттэр оскуолалара буолар. Ааспыт 2022 сылга бу оскуолаҕа 177 киһи анал үөрэҕи ааспыт. Бөлөҕүнэн трениннэр  13 дьарыктан тураллар. Дьарыктары дьиэ кэргэн дьыалатыгар үлэлэһэр улахан уопуттаах педагогтар уонна өр сылларга бу хайысхаҕа үлэлиир исписэлиистэр ыыталлар.

«Биһиги сүрүн сыалбыт - хас биирдии оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээх диэн. Онтон кыһалҕаҕа түбэспит төрөппүттэр бириэмэтигэр хаачыстыбалаах уонна үрдүк таһымнаах көмөнү ылыахтаахтар. «РНГ» АУо көмөтүнэн биһиги салгыы опекуннары уонна оҕону иитэ ылааччылары бэлэмнииргэ өссө күүскэ ылсан үлэлиэхпит, дойду үрдүнэн оҕо тулаайах хаалыытын ахсаанын аччатарга салгыы былааннарбытын олоххо киллэриэхпит», – диэн дьиэ кэргэн тутулун сайыннарыы Институтутун дириэктэрэ Анастасия Евсеевичева санаатын үллэһиннэ.

«Көмүскэлэ суох уонна нэһилиэнньэ ордук уйан араҥатыгар күүс-көмө буолуу «РНГ» АУо үтүөнү оҥорор үлэтин эмиэ биир, инники күөҥҥэ тутар, хайысхата буолар. Хампаанньа мэлдьи коммерческэйэ суох, государственнэй да тэрилтэлэри, аһымал пуондалары өйүүр, социальнай суолталаах бырайыактарга көхтөөх кыттыыны ылар», – бу курдук бэйэтин санаатын «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин эттэ.

Приемнай төрөппүт оскуолата тэриллэн үлэлиэҕиттэн саҕалаан 2000 киһи анал үөрэҕи ааста, дьиэ кэргэттэргэ 400 оҕо иитиллэр. Өссө 100 дьиэ кэргэн, бөлөҕүнэн да, биирдиилэн да буоллун, сыл аайы психологическэй көмөнөн хааччыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьарыктар номнуо күүскэ ыытылла тураллар. 2024 сылга сайаапкалары хомуйуу, быһа барыллаан, муус устар, балаҕан ыйыгар уонна ахсынньыга ыытыллыахтара.

Психолог,үөрэхтээһин эйгэтигэр РФ Президенин бириэмийэтин лауреата, ИРСУ-ну төрүттээччи Людмила Петрановская

Теги