04 сентября 2022
Убаастабыллаах биир идэлээхтэрим, партнердар уонна бар дьонум!
Эһигини ис сүрэхпиттэн идэлээх бырааһынньыкпытынан, ниэп уонна гаас промышленноһын үлэһиттэрин күнүнэн, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.
Ниэп уонна гаас хостооһунун хайысхата урут да, билигин да судаарыстыба экономиката сайдыытыгар сүрүн оҥкул буолар.
Биир санаанан салайтаран үлэлииргит иһин барҕа махтал тылларын тиэрдэбин. Таһаарыылаах үлэни, үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны уонна дьолу-саргыны баҕарабын!