Хампаанньа икки сыл устата үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннарыгар уонна уһуйааччыларыгар финансовай көмө оҥорор.
Ааспыт сылга «РНГ» АУо Россиятаа5ы экономическэй оскуола саҥа корпустанарыгар харчынан көмөлөспүтэ. Бу үтүө дьыалаҕа олоҕуран, махтанан туран, үөрэх кыһатын салалтата хампаанньаҕа анал аудитория анаата. Анал үөрэх хоһо 3 этээскэ арылынна, итиэннэ аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир саҥа мультимедийнай оборудованиенан хааччылынна. Кабинет 40 миэстэлээх, манна үөрэх бары хайысхаларынан занятиелар ыытыллыахтара.
«Партнердарбытыгар көмөҕүт иһин махталбытын тиэрдэбит. Бизнес эйгэтэ социальнай эппиэтинэһи сүгэн, үөрэхтээһин салаатыгар болҕомто уурара олус хайҕаллаах дьыала. Ол курдук эһиги өйөбүлгүтүнэн РЭШ дойду талааннаах ыччаттарын, оҕолорун түмэр, аан дойду таһымнаах кыахтаах исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар, экономическэй, финансовай үөрэхтэри баһылыырга төһүү күүс буолар уонна фундаментальнай билиини биэрэр», – диэн Россиятааҕы экономическэй оскуола ректора Антон Суворов санаатын үллэһиннэ.
«РНГ» АУо уонна РЭШ икки ардыгар сөбүлэҥҥэ олоҕуран аһымал программалар үлэлээбиттэрэ иккис сыла буолла. Бу кэм иһигэр толору уонна аҥардаммыт граннары 53 устудьуон туһанна, өссө 112 устудьуоҥҥа уопсайга чэпчэтиилээх олорорго усулуобуйа тэриллибитэ. Маны сэргэ, бииргэ үлэлэһии тосхолугар олоҕуран, Марта Троия Мартинез уонна Герхард Тевс ааттарынан икки профессорскай позиция киирсэр.
«РНГ» АУо именной аудиториятын тэрийии – хампаанньа уонна Россиятааҕы экономическэй оскуола партнерскай сыһыаннаһыыларыгар өссө биир хардыы буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ үрдүк үөрэх кыһата экономика хайысхатыгар дойдуга бастыҥ исписэлиистэри бэлэмниир үөрэх кыһата. Инникитин да, дойду кэскилин түстүүргэ инвестицияны киллэриини, бастыҥ исписэлиистэри бэлэмнээһини салҕыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин», – бу курдук бэйэтин тус санаатын «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин эттэ.
Бэйэ бас билэр үөрэнэр дьиэлэнии – РЭШ 2025 сылга диэри сайдыытын тус сыаллаах былаана. Бүгүҥҥү күҥҥэ үөрэх кыһатыгар 500 устудьуон үөрэнэр, онтон аны икки сылынан бу көрдөрүү икки төгүл улаатыахтаах. Маны сэргэ, саҥа кампус, оскуолаҕа үөрэхтээһини сайыннарыыга, научнай үлэнэн күүскэ дьарыктаныыга төһүү күүс буолуоҕа.