«РНГ» АУо Саха сиригэр вахтовай бөһүөлэктэри уларыта тутууга ылсар
Орто Ботуобуйатаа5ы ниэп уонна гаас сир баайа хостонор илиҥҥи блогун тирэх пуунугар остолобуой уонна саҥа уопсай дьиэ тутулунна.
1500 квадратнай миэтирэ иэннээх уопсай дьиэ 2-лии миэстэлээх 50 хостоох, тутуу икки этээстээх. Хас биирдии хос тупсаҕай усулуобуйалаах, кондиционердаах. Хампаанньа үлэлиир таҥас, утуйар таҥас ыраастарын хааччыйар анал үлэһиттэри тутуоҕа.