Хампаанньа специализированнай кэлээскэлэри, ыарахан ыарыыга ылларбыт ыарыһах оҕолорго анаан хаамарга көмө буолар тэриллэри атыылаһарга харчынан көмө оҥордо. Маны сэргэ, пуондаҕа эппиэкэҕэ сылдьааччы оҕолорго анаан хаһаас ас уурулларын учуоттаан эмиэ атыылаһан биэриэҕэ.
«Дом с маяком» коммерческэйэ суох тэрилтэ ыарахан ыарыыга ылларбыт оҕолору көрөр-истэр тэрилтэлэри өйүүр, пуонда эппиэкэтигэр сылдьааччы 800 оҕо, хомойуох иһин, эмтэммэт ыарыылаахтар.
«Күн бүгүн доруобуйаны чөлүгэр түһэриигэ анаммыт техническэй сириэстибэлэри, онно туһаныллар матырыйааллары, итиэннэ, эминэн-томунан хааччыллыыны инники күөҥҥэ тутан саппаас оҥостуохтаахпыт. «РНГ» АУо-ҕа бүгүҥҥү уустук кэмҥэ өйөбүл буолбутугар махталбытын тиэрдэбит. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору сыл устата көрөргө-истэргэ саамай туһалаах көмө буолар», – диэн «Дом с маяком» аһымал пуонда толорооччу дириэктэрэ Елена Прокопьева санаатын үллэһиннэ.
Реабилитация сириэстибэлэрин таһынан көмө харчыга пуонда энтеральнай астары (бэйэтэ сатаан аһаабат ыарыһах оҕоҕо ананар), медицинскэй трахеостомалары уонна гастростомалары (аһыырга уонна тыынарга көмө буолар) атыылаһыаҕа.
«Уустук кэмҥэ хас биирдии аһымал пуонда элбэх ыарыһахха өйөбүл, көмө буолар. Урукку курдук, бу кэмҥэ биһиги эмиэ, ыарахан ыарыыга ылларбыт оҕолорго, тулаайахтарга, уонна кинилэри кытары үлэлиир тэрилтэлэргэ көмөлөһүөхпүт. Маннык ис хоһоонноох көрдөһүү суруктарга, төһө кыалларынан, суһаллык эппиэт биэрэ сатыыбыт, быһаарыныы ылынабыт», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.
«РНГ» АУо үтүөнү, көмөнү оҥорор судаарыстыбаннай уонна коммерческэйэ суох тэрилтэлэргэ, аһымал пуондаларга өрүүтүн харчынан көмөлөһөр. Бүгүҥҥү уустук кэмҥэ бу ыытыллар үлэ суолтата икки бүк улаатар.