Хампаанньа приютка иитиллэр оҕолору күҥҥэ үстэ аһынан хааччыйарга харчынан көмөлөстө.
«Родной дом» социальнай-реабилитационнай киин уустук балаһыанньаҕа түбэспит сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго көмө буолар. Бу кииҥҥэ олорор оҕолору кытта идэтийбит педагогтар, медицинскэй үлэһиттэр, быраастар үлэлэһэллэр, үөрэххэ уонна сынньалаҥы хааччыйарга бары наадалаах мал-сал көрүллэр.
«Биһиги кииммит үтүөнү оҥорооччулар харчыларыгар тирэҕирэн үлэлиир-хамсыыр. “РНГ” АУо-ҕа бүгүҥҥү тыҥаан турар уустук балаһыанньаҕа күүс-көмө буолбуттарыгар улахан махталбытын биллэрэбит», – диэн “Родной дом”социальнай-реабилитационнай киин коммерческайа суох автономнай тэрилтэ дириэктэрэ Елена Сотниченко махталын биллэрдэ.
«РНГ» АУо уустук балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ анаан үтүө санаа аһымал аахсыйаларыгар кыттан көмөнү оҥорууга ураты болҕомтотун ууран үлэлиир. Санатан эттэххэ, кулун тутар саҥатыгар хампаанньа ыарахан ыарыыга ылларбыт «Дом с маяком» аһымал пуондаҕа эмиэ харчынан көмөлөһөн турар.