Москваҕа «РНГ» АУо сыл ахсын тэрийэн ыытар «День качества – 2022» VI научнай-практическай конференция буолан ааста. Икки күннээх инники кэскиллээх былааннары торумнуур сессияҕа улахан нефтесервиснай, инжиниринговай уонна IT-хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
«РНГ» АУо куруутун геологическэй чинчийии ньымаларын тупсарар, буурдааһын көдьүүһүн үрдэтэр, сиртэн хостонор баайдаах сирдэри промышленнай туһаныыга саҥа көрүүлэри олоххо киллэрэр. Быйылгы сыллааҕы дакылааттар кылаабынай тиэмэлэрэ скважиналары тутууга оптимизация уонна цифровизация диэн өйдөбүллэри сөпкө туһаныыга, саҥа программнай быһаарыныылары ылыныыга олоҕурда. Бэрэстэбиитэллэр бэдэрээччит тэрилтэлэри кытары холобур буолар ситиһиилээх үлэлэр тула санаа атастастылар.
«“РНГ” АУо көхтөөхтүк уонна күүскэ сайдарга туһаайан үлэлиир. Маныаха эрэбиллээх, биир санаанан салайтарар партнера суох үлэ тахсыбат. Маннык стратегическэй сессиялар көмөлөрүнэн, итиэннэ, өр сыллаах уопут баар буолан, биһиги партнердарбыт хампаанньа сайдыытын хайысхаларын сиһилии билсэллэр. Онтон биһиги, бырайыактарбытын былаанныырга уонна кинилэр олоххо киирэллэригэр ырыынак кыаҕын үөрэтэбит. “РНГ” АУо уонна бэдэрээччит тэрилтэлэр үлэлиэхтэриттэн ыла ыараханнык хостонор сир баайын баһылааһыҥҥа, көдьүүстээхтик чинчийиигэ, дэҥҥэ көстөр быһаарыныылары ылыныыга улахан уопут мунньулунна», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.
«РНГ» АУо олоххо киллэрэр бырайыактара Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Илин Сибиир уонна салаа уопсай сайдыытыгар улахан суолталаах кылааттарын киллэрэллэр.