Бары түһүмэхтэри толорууга туһуламмыт сөбүлэҥ докумуона «Российский центр защиты леса» Федеральнай бүддьүөтнэй тэрилтэни (ФБУ) кытары баттаныллыаҕа. Ол чэрчитинэн тэрилтэ «РНГ» АУо суотугар 640 га сиргэ ойууру чөлүгэр түһэрии үлэтин ыытыаҕа. Мас олордуута Бүлүүтээҕи лесничество ыйыытынан-кэрдиитинэн, анаабыт сиринэн барыаҕа.
Бастакы түһүмэххэ, олунньу ыйга саҕаланан ыам ыйыгар түмүктэниэхтээх, бырайыак силигин ситэн бигэргэниэхтээх. Онтон, иккис түһүмэххэ, үүнүү сиэмэтэ тиэрдиллиэхтээх. Мастары олордуу үлэтэ атырдьах ыйыттан алтынньыга диэри салҕаныаҕа.
«РНГ» АУо уонна да атын «Истсиб Холдинг» иһинэн киирэр тэрилтэлэр Саха сирин территориятыгар баараҕай экологическэй бырайыактары олоххо киллэрэллэр. Ааспыт сылга «РНГ» АУо «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Сохраним лес» диэн ааттаммыт бүтүн дойдутааҕы аахсыйаҕа кыттан Мииринэй оройуонугар күүс-көмө буолбута. Аахсыйа чэрчитинэн 10 тыһыынчаттан тахса мас олордуллубута. Маны сэргэ, хампаанньа сыл ахсын ойуур баһаардарын куттала саамай улаатан турар кэмигэр тыаҕа дьуһуурустуба олохтуур уонна умайыы ахсааныгар ааҕыы үлэтин ыытар.
2021 сыллаахха региоҥҥа ойуур баһаардарын хоромньута олус улахан этэ. Онуоха «Истсиб Холдинг» хампаанньа Мииринэй, Сунтаар, Ленскэй оройуоннарыгар баһаардары умулларыыга улахан үлэни ыыппыта. Дойду ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин кытары бииргэ үлэлээн анал оборудованиенан, техниканан уонна уоту утары охсуһууга дьону ыытан көмөлөспүтэ.