Хампаанньа «РНГ – медикам» программа чэрчитинэн коронавирус дьаҥын утары эми-тому, медицинскэй оборудованиены, бэйэни харыстанар сириэстибэлэри атыылаһарга үбүнэн көмөлөстө.
Мииринэй оройуонун киин балыыһатыгар (МЦРБ) ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар COVID-19 диагнозтаах ыарыһахтары эмтииргэ анаммыт препараттар номнуо тиэрдиллэн тураллар. Маны сэргэ, медиктэр Hamilton-C1 диэн Швейцарскай фирма оҥорбут тыҥаны ыраастыыр ИВЛ аппараттарын, кислороднай концентратордары уонна быһыы туруорар мобильнай пууннары тэрийиигэ анаммыт оборудованиелары туппуттара.
«Сотору кэминэн өссө эбии эмп кэлиэҕэ. Бу ыытыллар үлэ ыарахан туруктаах сытар ыарыһахтарга олус наадалаах. “РНГ” АУо биһиги балыыһабытыгар тиһигин быспакка көмө оҥорор. Чуолаан COVID-19 ыарыыны бохсууга. Эминэн хааччыйыыга өссе биир суолталаах көмөҕүт иһин хампаанньа салалтатыгар махталбытын тиэрдэбит», – диэн Мииринэйдээҕи киин балыыһа (ЦРБ) кылаабынай бырааһа Татьяна Стручкова бэлиэтээн эттэ.
«РНГ – медикам» бырайыак 2020 сыл муус устар ыйыттан үлэлиир. Бырайыак олоххо киириитин биир соругунан COVID-19 ыарыыны утары охсуһуу буолар. Программа чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын систиэмэтигэр босхо материальнай суолталаах көмө оҥоруу ыытыллар. Бу бырайыак «МедиаТЭК» бүтүн дойдутааҕы бириэмийэ республиканскай түһүмэҕэр «Социальная и экологическая инициатива» диэн номинацияҕа бастакы миэстэни ылбыта.