Хампаанньа уонна бүтүн дойдутааҕы общественнэй тэриллии бииргэ үлэлэрин иитинэн, ыксаллаах быһыыга түбэспит Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторугар көмө оҥорорго туһуламмыт, хас да бырайыак бэлэмнэнэ сылдьар. Бииргэ үлэлэһии биир сүрүн түһүмэҕэ – ыксаллаах быһыыга түргэн көмөнү оҥорор хамаанданы тэрийии уонна бэлэмнээһин буолар.
Этэрээттэргэ баҕа өттүнэн көмөлөһөр, Саха Сиригэр уонна Москваҕа олорор дьону түмүөхтэрэ. Волонтердарга анаан Россиятааҕы Кыһыл Кириэс базатыгар ыксаллаах быһыыга бастакы көмөнү, психосоциальнай өйөбүлү оҥорорго анаан үөрэх тэриллиэҕэ.
«Билигин биһиги практическэй дьарыктар программаларын оҥоро сылдьабыт уонна баҕалаахтары хамаандаҕа түмэр үлэни ыытабыт. Хамаандаҕа баҕа өттүнэн кэлээчччи сааһа 18 туолбут, доруобай буолуохтаах. Үөрэҕи ааспыттарын кэннэ ыксаллаах быһыыга үлэлииргэ көҥүл ылыахтара. “РНГ” АУо-ҕа биһиги бырайыактарбытын өйүүрүн иһин махталбытын тиэрдэбит», – диэн Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бэрэссэдээтэлэ Павел Савчук иһитиннэрдэ.
Маны таһынан, ЧС биллэриллэр түгэнигэр олохтоохтору аһынан, бастакы кэмҥэ туттуллар табаарынан хааччыйыыга Кыһыл Кириэс экстреннэй пуондатын хаҥатыы, тэрийии үлэтэ салҕанар. Ыскылаат дьиэтэ Дьокуускайга кииннэниэҕэ.