«РНГ» АУо үтүө санаа программатын чэрчитинэн Россиятааҕы экономическэй оскуола (РЭШ) устудьуоннарын уонна профессордарын өйүүр
Хампаанньа үөрэх төлөбүрүгэр диэн толору, биитэр, аҥардаан граннары көрүүгэ харчы тыырар. Бу маннык граннары ылыыга биир сүрүн усулуобуйа – устудьуон үөрэххэ киириитигэр уонна үөрэнэр кэмигэр уһулуччу үчүгэй көрдөрүүлээх буолуохтаах. «РНГ» АУо гранын ылааччы – Московскай уобаластан Никита Комов. Кини быйыл үрдүк үөрэх кыһатын «Магистр экономики» диэн программанан ситиһиилээхтик үөрэнэн түмүктээтэ.
«“РНГ” АУо-ҕа махталым муҥура суох. Кинилэр өйөбүллэринэн дойдуга биир бастыҥ үөрэх кыһатын үөрэнэн түмүктээтим. Мин идэлэригэр бастыҥ, элбэх уопуттаах, практикалаах, уһулуччу үчүгэй исписэлиистэргэ дьарыктанным. Дьиҥ чахчы хаачыстыбаннай үөрэх диэн идэни толору баһылыырга, олоххо ситиһиилээх буоларга улахан төһүү күүс буолар», – диэн Россиятааҕы экономическэй оскуола выпускнига Никита Комов санаатын үллэһиннэ.
Быйылгы сылга Россиятааҕы экономическэй оскуоланы 134 оҕо бүтэрэр, кинилэр бакалавриат уонна магистратура программаларын аастылар. Икки сыл иһигэр үөрэх төлөбүрүгэр диэн толору уонна аҥардаммыт граннары 50 устудьуон туһанна. Бу барыта хампаанньа уонна оскуола бииргэ үлэлэрин түмүгэ. Маны сэргэ, бу икки сыл иһигэр, 103 атын дойдулартан устудьуоннар уопсай дьиэнэн хааччыллыыга 75 уонна 100% граннары туһаннылар.
2021 сыллаахха «РНГ» АУо Россиятааҕы экономическэй оскуола саҥа үөрэнэр корпуһун тутуугар көмө буолла. Бүгүҥҥү күҥҥэ, саҥа дьиэ 4800 м² иэнэ толору туһанылла турар. Инники өттүгэр үөрэнэр былассаакка өссө улаатыахтаах, оччотугар устудьуон ахсаана элбээн үөрэх хаачыстыбата тупсарыгар улахан көмөлөөх буолуоҕа. Былаан быһыытынан 2025 сылга Россиятааҕы экономическэй оскуола устудьуонун ахсаанын 300-нэн элбэтиэҕэ.