«100 лет Якутской АССР» диэн 3 үбүлүөйдээх бэлиэ уонна махтал сурук хампаанньаҕа туттарылынна. Бу курдук регион үрдүкү салалтата тэрилтэ коллективын уонна салайааччыларын Саха сирин сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах үлэлэрин уонна нэһилиэнньэҕэ олох-дьаһах хаамыыта тупсуутугар кылааттарын иһин махталларын биллэрдилэр.
Наҕараадалары туттарыы социальнай эппиэтинэс корпоративнай форумун чэрчитинэн Дьокуускай куоракка ыытылынна. Регион социальнай-экономическэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын иһин бэлиэлэри уонна махтал суруктары хампаанньа бэрэстэбиитэллэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков туттарда. Кини, тэрээһин кэмигэр, коммерческэй тэрилтэ сүдү оруолун үрдүктүк тутан эттэ.
«Биһиги кэлэр көлүөнэҕэ холобур буолар уонна туһаны аҕалар эйгэни тэрийиэхтээхпит, ол сыалы-соругу хампаанньа өйүүрэ кэрэхсэбиллээх. Биһиги төһөнөн доруобуйа харыстабалыгар, үөрэхтээһин эйгэтигэр уонна да атын хайысхаларга кылааппытын угабыт, соччонон элбэх үтүөнү ылабыт. Ол барыта аҕыйах сылынан Саха сирин сайдыытыгар үтүө түмүктэри аҕалыаҕа», – диэн Саха сирин бырабыытылыстыбатын вице-премьера Кирилл Бычков санаатын эттэ.
Регион социальнай-экономическэй сайдыытыгар дьоһуннаах кылааты киллэрии — «РНГ» АУо инники тутар сыала. Хампаанньа тиһигин быспакка экология, үөрэхтээһин, культура эйгэлэригэр уонна да атын республика сайдыытыгар туһуламмыт инфраструктурнай бырайыактары өйүүр. 2021 сыллаахха «РНГ» АУо ниэп уонна гаас тэрилтэлэрин икки ардыгар, AK&M ааҕыныстыба тэрийэн ыыппыт социальнай эйгэҕэ саамай көдьүүстээх уонна эппиэтинэстээх диэн рейтиҥҥэ, 5 иһигэр киирэн турар.
“Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбатыгар, биһиги үлэбитин үрдүктүк сыаналыыргытыгар уонна биһиэхэ эрэнэргитигэр махталбытын биллэрэбит. Инники өттүгэр бары эбэһээтилистибэлэрбитин уонна былааннарбытын олоххо киллэрэргэ, производственнэй үлэҕэ эппиэтинэстээх буоларга бэлэммит. Ол инниттэн олохтоох дьаһалтаны кытта өрүү бииргэ үлэлиибит», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин түмүк тылын эттэ.