Хампаанньа театральнай искусство Россиятааҕы институтугар (ГИТИС) Дьокуускай куоракка культура үлэһиттэрин идэлэрин таһымын үрдэтэллэригэр диэн харчынан өйөбүл оҥоруоҕа.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, былаан быһыытынан, тута икки бырайыак олоххо киириэҕэ: «Артыыстар идэлэрин, сатабылларын таһымын үрдэтии» уонна «Культура хайысхатыгар менеджмент». Таһымы үрдэтэр куурустары ГИТИС актерскай уонна продюсерскай факультеттарын педагогтара ыытыахтара, онтон истээччилэринэн Өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдарын режиссердара, артыыстара, итиэннэ, культура тэрилтэлэрин исписэлиистэрэ буолуохтара. Сотору кэминэн үрдүк үөрэх кыһата регион культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин кытта кыттааччылар испиэһэктэрин оҥоруоҕа.
«Айар идэлээх дьон, ол иһигэр тыйаатыр үлэһиттэрэ, кэнники кэмҥэ идэлэрин таһымын үрдэтиигэ улахан болҕомто уурар буоллулар, бу үлэ кинилэргэ эмиэ наадалааҕын бэлиэтииллэр. Театральнай искусство Россиятааҕы института регионнарга маннык куурустары тэрийэргэ уопуттаах. “РНГ” АУо-ҕа ис сүрэхпиттэн махтанабын. Чуолаан бу хампаанньа өйөбүлэ, Өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, аан бастакытын идэ таһымын үрдэтэр, сатабылы хаҥатар, Саха сирин айар идэлээх дьонун, артыыстары өйүүр куурустары тэрийдэ», – диэн ГИТИС ректора Григорий Заславский санаатын үллэһиннэ.
«ГИТИС – дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар тыйаатыр үлэһиттэрин бэлэмниир үрдүк үөрэх кыһата. Эрэнэбин, бу курдук холбоһуктаах бырайыактары тэрийии уонна талааннаах артыыстары өйөөһүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр культура сайдыытыгар, айар-тутар кыаҕы үрдэтиигэ көмөлөөх буолуоҕа», – диэтэ «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин.
Хампаанньа куруутун культурнай бырайыактары өйүүр, ол иһигэр, театральнай искусство сайдыыта эмиэ туора турбат. 2021 сыллаахха «РНГ» АУо Санкт-Петербургтааҕы Борис Эйфман судаарыстыбаннай академическэй балет тыйаатырын гастролларыгар генеральнай партнер быһыытынан кыттыыны ылбыта.