Хампаанньа исписэлиистэрэ Кытай уонна Россия холбоһуктаах бизнес форумугар кыттыыны ыллылар. Тэрээһин Россиятааҕы промышленниктар уонна предпринимателлэр сойуустарын (РСПП) былассааккатыгар Дунъин куорат Норуоднай Правительствотын омук дьыалаларыгар канцеляриятын өйөбүлүнэн ыытылынна.
Дунъин куорат – КНР ньиэп уонна гаас оборудованиетын оҥорон таһаарар биир баараҕай киинэ буолар. Манна ньиэп уонна гаас хостооһунугар туттуллар бородууксуйа 33% оҥоһуллан тахсар. Конференцияҕа регион 15 бас-көс тэрилтэлэрэ ыҥырыллан кыттыыны ыллылар. Россия хампаанньаларыгар бэйэлэрин оҥоһуктарын билиһиннэрдилэр.
«Россияны кытта бииргэ үлэлэһии инникилээх уонна кэскиллээх диэн сыаналыыбыт. Онуоха Дунъин нефтегазовай комплекс сайдыытыгар икки өттүттэн улахан кыаҕы биэрэр. Уонна инникитин саҥа, үрдүк таһымҥа таһаарар кыахтаах», – диэн Россияҕа КНР Посольствотын экономикаҕа сүбэһитэ Хан Вэй санаатын үллэһиннэ.
«РНГ» АУо инники былаана – кытай баараҕай тэрилтэлэрин кытары бииргэ үлэлэһэн, сыһыаны бөҕөргөтөн, кооперацияны сайыннарыы, Россияҕа оҥоһуллубат ньиэп уонна гаас оборудованиетын туһаныыны кэҥэтии буолар.
«Баараҕай бырайыактары олоххо киллэрии, көҕүлээһин, эрэллээх партнердара суох кыаллыбат. Онон биһиги иннибитигэр турар сыаллары олоххо киллэрэргэ, оҥорон таһаарыы көрдөрүүтүн улаатыннарарга Кытай партнердарын кытары бииргэ үлэлэһии, сыһыаны бөҕөргөтүү улахан суолталаах», – бу курдук бэйэтин санаатын «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин үллэһиннэ.