Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо исписэлиистэрэ социальнай эппиэтинэс форумугар кыттыыны ылыахтара

15 июня 2022

«Партнерство в целях устойчивого развития территорий» диэн сүрэхтэммит тэрээһин бэс ыйын 23-24 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллыаҕа. 2 күн устата кыттааччылар уонна федеральнай экспертэр регион сайдыытын кэскиллээх суолларын дьүүллэһиэхтэрэ.

Тэрээһиҥҥэ сүрүн болҕомто регион бизнеһи, гражданскай общество институттарын, былаас уорганнарын кытары үлэтэ төһө көдьүүстээҕин туһунан кэпсэтиэхтэрэ, бигэ туруктаах сайдыы бириинсиптэрин олоххо киллэрии бастын уопуттарын дьүүллэһиэхтэрэ. «РНГ» АУо сир уонна баай-дуол сыһыаннаһыыларыгар отдел начальнига Вероника Батрак «Инвестиции бизнеса в местные сообщества, объекты социального назначения и инфраструктуру, корпоративное волонтерство» диэн темалаах төгүрүк остуолга кыттыыны ылыаҕа.

«Форум сүрүн сыала – регион территориятын сайыннарыыга олохтоох холбоһуктар ситиһиилээхтик үлэлииллэригэр туһулаан араас тэрилтэлэр икки ардыларыгар биир санаалаах, ситимнээх үлэни тэрийии буолар. Биһиги кэпсэтиигэ судаарыстыба бэрэстэбиитэллэрин, НКО уонна бу боппуруоска сыһыаннаах бизнес үлэһиттэрин кыттыһыннаран, сайдыы туһугар кэскиллээх былааннарга ырытыы оҥоруохпут. “РНГ” АУо-ҕа форумҥа көхтөөх кыттыыны ыларгыт иһин махтанабыт», –диэн «Единый ресурсный центр поддержки социально ориентированных НКО и развития гражданских инициатив Якутии» тэрилтэ салайааччыта Ольга Вешникова эттэ.

«РНГ» АУо – Саха сирин биир бөдөҥ нолуок төлөөччүтэ уонна үлэ миэстэтинэн хааччыйааччы тэрилтэ буолар. Хампаанньа уһук хоту, тыйыс тымныы усулуобуйалаах региоҥҥа, уустугунан биллэр, сиртэн хостонор баайдаах сиргэ үлэлиир. Республикаҕа 3000-тан тахса үрдүк хамнастаах үлэ миэстэтин арыйда. Регион социальнай-экономическэй сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрэр, көхтөөх кыттыыны ылар. Ол курдук, муоста тутуулара, суол оҥоһуута, культурнай, экологическэй уонна үөрэхтээһин эйгэтин сайыннарар бырайыактартан, көҕүлээһиннэртэн хампаанньа туора турбат. Маны сэргэ, республикатааҕы доруобуйа харыстабылын салаатыгар, чуолаан эминэн-томунан хааччыйыыга, сүҥкэн суолталаах үлэни оҥорор.

«“РНГ” АУо ситиһиилээх үлэтэ аҥардас харчынан уонна оҥорон таһаарыы көрдөрүүтүнэн муҥурдаммат. Биһиги Саха сирэ экономическэй уонна социальнай бигэ туруктаах буоларын туһугар санаабытын ууран туран үлэлиибит», – диэн хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.

«Партнерство в целях устойчивого развития территорий» форум Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах уонна Дьокуускай куорат 390 сааһын биэлиэтиир үбүлүөйдээх программалар чэрчилэринэн ыытыллар.