Хампаанньа үлэһиттэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллар «Молодые профессионалы» (WorldSkills Russia) X аһаҕас региональнай чемпионатыгар эксперт быһыытынан кыттыыны ылыахтара.
32 үөрэх тэрилтэтигэр күрэхтэһэр былассааккалар тэрилиннилэр, ол иһигэр Мииринэйдээҕи региональнай техническэй колледж талылынна. Колледж баазатыгар 6 хайысханан күрэх ыытыллыаҕа. «Промышленная автоматика»; «Подземный электрослесарь»; «Эксплуатация сервисных роботов»; «Промышленная робототехника»; «Роботизированная сварка» уонна «Добыча нефти и газа» хайысхаларынан күрэс былдьаһыы буолуоҕа. Бүтэһик секцияҕа сатабылы уонна билиини «РНГ» АУо исписэлиистэрэ, ниэп уонна гаас хостооһунун отделын начальнига Валерий Дещен, ниэп уонна гаас бэлэмнээһинин отделын начальнига Руслан Любимов, трубопроводной транспорт отделын начальнига Дмитрий Майоров сыаналыахтара.
«“Добыча нефти и газа” – саҥа хайысха, ол эрэн дохсуннук сайда турар биһиги региоммутугар кэскиллээх. Бу салааҕа исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ биһиги улахан болҕомтобутун уурабыт. Тренердэргэ уонна дьүүллүүр сүбэҕэ үрдүк таһымнаах ниэп уонна гаас хампаанньаларын исписэлиистэрин сыһыардыбыт. “РНГ” АУо күрэскэ эксперт быһыытынан кыттыыга сөбүлэҥҥитин биэрбиккит иһин махталбытын тиэрдэбит», – диэн Мииринэйдээҕи техническэй колледж дириэктэрэ Владимир Березовой санаатын үллэһиннэ.
Эдэр нефтяниктар күрэхтэрэ олунньу 16 күнүттэн 19 күнүгэр диэри салҕаныаҕа. Чемпионат кыттыылаахтара ниэп уонна гаас хостооһунугар туһаныллар оборудованиены туттууга билиилэрин, трубопроводной аппаратураны, мээрэйдиир установкалары туһаныыны төһө сатыылларын тургутан көрүөхтэрэ.
«Каадыр боппуруоһун сайыннарыы – хампаанньа өрө тутар хайысхата. Биһиги, төһө кыалларынан, үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийэ сатыыбыт, улахан болҕомтону эдэр исписэлиистэргэ уурабыт. Онон бу курдук тэрээһиннэри өйөөммүт Саха сиригэр ниэп уонна гаас хостооһунугар, ону туһаныыга, эдэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ сэмэй кылааппытын киллэрэбит», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.