AK&M ааҕыныстыба национальнай рейтиҥҥэ хампаанньа үлэтин саамай үрдүк көрдөрүүлээҕин бигэргэттэ.
Аналитиктар «РНГ» АУо тулалыыр эйгэ харыстабылыгар, регион сайдыытыгар актыыбынай кыттыыларын уонна корпоративнай салайыы көдьүүһэ улаханын бэлиэтээтилэр.
«Хампаанньа бизнеһи тэрийиигэ эппиэтинэстээҕин уонна биир кэлим үрдүк көрдөрүүгэ тардыһан, аныгылыы көрүүлээҕин көрдөрдө. Маны сэргэ, бигэ туруктаах сайдыы бириинсиптэригэр олоҕуран тэрилтэ экономическэй, социальнай уонна экологическэй хайысхаларга биир тэҥник үлэни ыытар», – диэн AK&M ааҕыныстыба генеральнай дириэктэрэ Зоя Ларькина бэлиэтээтэ.
Отчуокка ыйыллыбытынан «РНГ» АУо айылҕа харыстабылын боппуруостарыгар улахан болҕомтотун уурара бэлиэтэннэ. Сыл ахсын бу хайысхаҕа хампаанньа үбүлээһини үрдэтэ турар. Холобур, 2021 сыллаахха бу салааҕа ороскуот сууммата 1 млрд солкуобайы куоһарда.
Экспертэр «РНГ» АУо өссө региоҥҥа олох-дьаһах тупсуутун, киһи хапытаала сайдыытын боппуруостарыгар болҕомто ууруллуутун үрдүктүк сыаналаатылар. Хампаанньа социальнай-экономическэй бырайыактар олоххо киириилэрин өйүүр, Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар олох таһыма үрдүүрүгэр, хампаанньа бэйэтин үлэһиттэригэр усулуобуйа тупсуутугар кыһаллар.
«‟РНГ” АУо убүнэн-харчынан, производственнэй көрдөрүүлэр сыыппаралара эрэ үрдүүллэригэр буолбакка, бигэ туруктаах сайдыы бириинсиптэригэр улахан болҕототун ууран туран үлэлиир. Инникитин да, бэйэбит ылыммыт эбэһээтилистибэлэрбитин, регион сайдыытын туһугар үлэни, өссө күүскэ ыытыахпыт, эппиэтинэһи күүһүрдүөхпүт», – бу курдук бэйэтин санаатын «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин үллэһиннэ.
AK&M ааҕыныстыба «РНГ» АУо-ҕа аан бастакытын бигэ туруктаах сайдыы рейтинин ааспыт сыл бэс ыйыгар иҥэрбитэ. «А» рейтинг – саамай үрдүк сыанабыл уонна тэрилтэ, дойду үрдүнэн бастыҥ көрдөрүүлээх, үрдүкү кылаастаах хампаанньалар испиэһэктэригэр киирэллэрин бигэргэтэр.