Хампаанньа тэрээһини ыытыыга харчынан көмөлөстө. Конференция куйаар ситимин нөҥүө кулун тутар ый 4-5 чыыһылаларыгар ыытыллыаҕа. Тэрийээччи — «Информационная культура» диэн коммерческэйэ суох автономнай тэрилтэ.
«День открытых данных» конференция сылын ахсын ыытыллар, итиэннэ International Open Data Day норуоттар икки ардыларынааҕы көҕүлээһин биир сүрүн чааһа буолар. Бу көҕүлээһин судаарыстыбаннай былаас, бизнес, коммерческэйэ суох тэрилтэлэр, гражданскай общество аһаҕас дааннайдара уонна кинилэр иһитиннэриилэрэ дьэҥкир буолууларын кэнсиэпсийэтин киэҥник тарҕатар сыаллаах.
Дааннайдар аһаҕас буолалларын ситиһэрга анаммыт тэрээһин чэрчитинэн аан дойду үрдүнэн конференциялар, лекциялар, маастар кылаастар ыытыллыахтара. Ол курдук бастакы күҥҥэ, кулун тутар 4 чыыһылатыгар, аан дойду таһымнаах экспертар кыттыылаах общество, бизнес, государство хардарыта дьайсыыларын тула, араас кыһалҕалаах боппуруостары быһаарар кэпсэтии, ырытыһыы буолуоҕа. Онтон тэрээһин иккис күнүгэр араас идэ бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах төгүрүк остуоллар ыытыллыахтара.
«Форум чэрчитинэн бүгүҥҥү олоххо, араас эйгэҕэ аһаҕас дааннайдары туттуу уратыларын уонна инники кэскилин дьүүллэһиэхтэрэ. Биһиги бэлиэтиирбитинэн сыл ахсын тэрээһиҥҥэ интэриэс улаатар, кыттааччы ахсаана элбиир. “РНГ” АУо-ҕа өйөбүлгүт уонна бу боппуруоска интэриэскит иһин махталбытын тиэрдэбит», – диэн «Информационная культура» коммерческэйэ суох автономнай тэрилтэ дириэктэрэ Иван Бегтин бэлиэтээн эттэ.
«“РНГ” АУо бизнеһи салайыыга дьыалабыай практика дьэҥкир буоларын туһугар кыһаллан туран үлэлиир. Хампаанньа контрафакт уонна коррупция курдук адьынаттаах сокуону кэһиилэри утары, атыылаһыы эйгэтигэр аан дойду таһымнаах стандартары туһаныыга уонна олоххо киллэрэргэ кыһаллан туран үлэлиир. Бу туһугар биһиги, хаһыс да сылбытын, “Инфокультура” коммерческэйэ суох автономнай тэрилтэ бырайыактарын өйөөн бииргэ үлэлэһэбит», – диэтэ «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин.
«Информационная культура» коммерческэйэ суох автономнай тэрилтэ 2012 сыллаахтан тэриллэн үлэлиир. Үлэ сүрүн хайысхаларыгар киирэллэр – аһаҕас дааннайдар кэнсиэпсийэлэрин сайыннарыы уонна киэҥник тарҕатыы, обществоҕа информационнай культураны үрдэтии, общественнэй хонтуруол.