Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо — «Экология – дело каждого» оҕо уонна ыччат норуоттар икки ардыларынааҕы бириэмийэтин федеральнай партнера

21 апреля 2022

Бириэмийэ Россиятааҕы айылҕа харыстабылын хонтуруоллуур  тэрилтэ өйөбүлүнэн,  7-тэн 16-гар диэри саастаах, туларыыр эйгэ харыстабылыгар болҕомто уурар  оҕолорго ананан олохтоммута. Хампаанньа тэрээһини ыытарга, бары номинацияларынан кыайыылаахтары, призердары наҕараадалыырга харчынан көмөлөстө.

Кулун тутар 1 күнүгэр «Экология – дело каждого» бырайыак саҥа сезонун бастакы түһүмэҕэ саҕаламмыта. Бырайыак оҕону, ыччаты экологическэй харыстабыл боппуруостарын өрө тутарга, социальнай ситим көмөтүнэн актыыбынай буоларга ыҥырар.

Куонкурус кыттыылаахтара интернет ситимигэр бэйэлэрин айар үлэлэрин, видеороликтары, уруһуйдары, хаартыскалары таһаараллар. Кинилэр айылҕаны таптыырга, сыаналыырга, харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга холобур буолар үлэлэри оҥордулар, бэйэлэрин санааларын этэн араас саҥа көрүүлэргэ көҕүлээһиннэри киллэрдилэр.

«Биһиги бу бириэмийэни сылын ахсын ыытарга быһаарынныбыт. Тоҕо диэтэххэ, айылҕа харыстабылын боппуруостара олус улахан суолталаахтар. Билигин бу хайысхаҕа дьон санаата татым соҕус, ону  уларытыахха наада. Ааспыт сыл көрдөрбүтүнэн, биһиги оҕолорбут – бириэмийэ кыттыылаахтара, экологияҕа сыьыаннаах кыһалҕалаах боппуруостары быһаарыыга бэлэмнээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Онуоха улахан дьон оҕо санаатын ылынан бииргэ үлэлиэхтээхтэр, долгутар түгэннэргэ өйөбүл буолуохтаахтар», – диэн айылҕаны туһаныыны кэтээн көрөр федеральнай сулууспа салайааччыта  Светлана Радионова санаатын үллэһиннэ.

Туларыыр эйгэҕэ эппиэтинэстээх сыһыан, айылҕа кыаҕын сөпкө туһаныы — бу «РНГ» АУо өрө тутар тутаах хайысхалара буолаллар. Хампаанньа айылҕа харыстабылын тэрээһиннэригэр үбүлээһини сылын ахсын үрдэтэр, хонтуруолу күүһүрдэр, оҥорон таһаарыы үлэтэ тулалыыр эйгэҕэ буортутун аччатар туһугар дьулуһан туран үлэлиир.

«“РНГ” АУо региоҥҥа экология харыстабылын боппуруостарыгар туһуламмыт араас программалары, бырайыактары өйүүр. Мин санаабар, харыстабыллаах сыһыан кыра эрдэхтэн үөскүөхтээх. Онон, “Экология – дело каждого” бириэмийэ партнердара буоларбытынан киэн туттабыт  уонна олус элбэх киһиэхэ туһалаах буолуо диэн эрэнэбин», – бу курдук бэйэтин санаатын «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин үллэһиннэ.

Ыспыраапка: «Экология – дело каждого» оҕо уонна ыччат норуоттар икки ардыларынааҕы бириэмийэни  Россиятааҕы айылҕа харыстабылын хонтуруоллуур тэрилтэ 2021 сыл кулун тутар 31 күнүгэр олохтообута. Бырайыак бастакы сылыгар Россия бары регионнарыттан, 28  тас дойдуттан  9,5 тыһыынча сайаапка киирбитэ. Уопсайа 6000 кэриҥэ үлэттэн, 650 бырайыак финалга кыттыыны ылбыта.