Хампаанньа сыл устата ыксаллаах быһыыга түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөр бырайыактары өйөөтө. Бииргэ үлэлэһии сүрүн оҥкула сыл устата Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар ыытылынна.
Үлэ чэрчитинэн ыксаллаах быһыыга суһаллык миэрэ ыларга анаан Россиятааҕы Кыһыл Кириэс экстреннай фондата тэриллибитэ. Бу сыл бэс ыйыгар «РНГ» АУо көмөтүнэн, баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр, 300 гуманитарнай набору, сааскы халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ, Суордаах уонна Томтор нэһилиэктэригэр, тиэрдибиттэрэ.
Маны сэргэ, көмө, ойуур баһаардарыттан сылтаан олорор дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит, Красноярскай кыраай олохтоохторугар оҥоһуллубута. Хампаанньа көрбүт көмө харчыта бастакы кэмҥэ туһуламмыт табаарынан хааччыйыыга, эмп атыылаһыытыгар уонна көмөнү эмсэҕэлээбит сирдэргэ тиэрдиигэ анаммыта
Бииргэ үлэлэһии өссө биир соруга – ыксаллаах быһыыга көмө буоларга, баҕа өттүнэн кыттыһар анал хамаанданы тэрийиигэ болҕомто уурулунна.
«РНГ» АУо-ҕа биһиги бырайыактарбытын өйүүрүн иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит . Олохтоох толорор былаас уорганнарын кытта сөбүлэҥ түһэрсэн Өрөспүүбүлүкэ 9 оройуонугар саҥа отделениелары арыйарга тустаах кэпсэтии ыытылынна», – диэн Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бэрэссэдээтэлэ Павел Савчук иһитиннэрдэ.
«Биһиги бииргэ үлэлэһии түмүгэр өйөбүл ылбыт бырайыактарбыт салҕаныахтара, ону ааһан өссө күүскэ үлэлиэхтэрэ, Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар туһалаах буолуохтара диэн бигэ эрэллээхпитин биллэрэбит», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.